Бүгүн суруйар киһим, мин хос эһэм, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэбиэскэй эргиэн туйгуна, “Кыһыл Знамя” уордьан кавалера, тоҕус төгүл Ааллаах Үүҥҥэ айанныы сылдьыбыт Михаил Прокопьевич Егоров буолар.
Саха сирин уһук хотугу оройуоннарыгар аһыллыбыт промышленнай бириискэлэр оробуочайдарын аһыыр аһылыктарынан, туттар табаардарынан хааччыйааһын 1930 сылтан саҕалаан, көлө күүһүнэн ыытыллара. Хас биирдии холкуостарга “Сэбиэскэй бэрэбиэс” бириистэнтэн туһааннаах бириискэлэргэ таһаҕаһы көлөнөн тиэйэн илдьэргэ булгуччулаах түһээн түһэриллэрэ. Бэрэстэбиитэллэр туһааннаах холкуостары кытта үлэлэһэн, Охотскай бэрэбиэстэн Ааллаах Үүн бириистэҥҥэ диэри таһаҕаһы илдьэргэ дуогабар түһэрсэллэрэ. Дуогабарга хайаан да түөртүү кырыыны оҥороллоро чуолкайдык суруллара, ыйыллара. Охотскай Бэрэбиэскэ хас оройуон аатыттан таһаҕаһы таһыыга, айанньыттарга көмө оҥорор сыаллаах оройуон бэрэстэбиитэллэрэ миэстэҕэ олорон үлэлээбиттэрэ. Айанньыттар эрдэттэн айаҥҥа барар сыарҕаларын, сэби-сэбиргэли, быаны-туһаҕы, иһэхтиири, кырыаччыны уо.д.а. тэриллэри кичэйэн оҥороллоро. Айаҥҥа сылдьар ат аччыгыйа ый аҥаарын устата хомууттаах, сөдүөскэлээх, сыалдьалаах айанныыра.
Уус-Алдан оройуонун холкуостарыттан таһаҕаһы таһар биригээдэлэр Танданы уҥордаан, Табалаах Кучарата – Черкеех – Дьиэрэгэнэ – Охотскай Бэрэбиэс диэн маршрутунан бараллара. Айанньыттар сэтинньи ыйтан саҕалаан хомунан-тэринэн хас биирдии айанньыт түөртүү ат көлөлөөх, ахсынньы ый саҕатыттан айаҥҥа туруналлара.
Айанньыттар барахсаттар өрүүр, сынньанар кэмнэригэр эрэ көлөлөрүн хомууттарын, сөдүөккэлэрин, сыалдьаларын хонук симэбийэлэригэр киллэрэн, анал миэстэҕэ куурдаллара-хатараллара. Ааллаах Үүҥҥэ тахсар сыарҕа үчүгэй, модьу-таҕа оҥоһуулаах уонна хайаан да ыллыктаах буолуохтааҕа. Айанньыттар дьиэлэриттэн хоҥноллоругар, Охотскай Бэрэбиэскэҕэ диэри аттара сиир отторун суон бирээдьинэ өтүү курдук эрийэн, быа оҥорон баран, икки өттүгэр туорайдаах синньигэс мастарга эрийэн, киппэ (лоток) оҥороллоро. Инник киппэлэммит от сыарҕаҕа тиэйэргэ табыгастаах, тохтон от ороскуоттаммат буолара. Охотскай Бэрэбиэстэн Ааллаахха диэри сүнньүнэн хааһына отун сиэтэллэрэ. Эһэм Михаил Прокопьевич Егоров Ааллаах Үүн айаныгар 1936 сылтан саҕалаан, тоҕуста таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. II Байаҕантай нэһилиэгэр биир саамай уһуннук сылдьыбыт айанньыт буолар.
“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн тыллар дьыл-хонук ырааттаҕын ахсын, суолталара улам улаатан иһэр. Саха сиригэр промышленность эйгэтэ сайдарыгар сүүрбэччэ сыл устата Ааллаах Үүн бириискэлэригэр, эрэйдээх айаҥҥа сылдьан, үгүс сыраларын, күүстэрин-уохтарын биэрбит биһиги ытык кырдьаҕастарбытын, кэнчээри ыччаттар билэллэрин курдук, сурукка киллэрэн, үйэтитэр биһиги ытык иэспит буолар.
Дайаана Степанова,
Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын
VII “в” кылааһын үөрэнээччитэ.
Уус Алдан улууһа.