Сэрии уотугар хас да сыл сылдьан,
Саллаат ыар кэмнэри көрбүтэ.
Суумкатын сүгэн, сулуһун анньан,
Дьиэтигэр бу төннөн кэлбитэ.
1941 сыллаахха киһи өйүгэр баппат дьуулаан быһыы биһиги дойдубутугар ааҥнаан киирбитэ. Фашистар аан дойду норуоттарын имири эһээри, харахтара хаанынан туолбута. Күөх алаастарыгар нус-хас олорбут эһэлэрбит барахсаттар өстөөҕү утары хаампыттара.
Мин хос эһэм, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ – Алексей Алексеевич Гоголев, 1906 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Мөҥүрүөн нэһилиэгин Күрүөлээх алааһыгар күн сирин көрөр. Ол кэмҥэ 2 кылаастаах дьоҕус оскуола арыллыбытыгар, уолчаан үөрэнээччи үрдүк аатын сүгэр чиэскэ тиксэр. Былыргы саха тылын уонна латыыны баһылыыр, ааҕа, суруйа үөрэнэр. Эдэр киһи бултуурун уонна балыктыырын олус сөбүлүүр. 30-с сылларга дойду устун бастакы холкуостар тэриллэн саҕаланаллар. Өлөксөй убайдарын кытта “Холболоох” артыалга суруттарар. От, бурдук үлэтигэр күүскэ үлэлиир.
1941 сыл атырдьах ыйыгар Өлөксөй бэбиэскэ тутар, кэргэнин уонна оҕолорун хаалларан, фроҥҥа аттанар. Эр дьону бастаан утаа Майаҕа мунньаллар, онтон Дьокуускайтан өрүһүнэн сэриигэ ыыталлар.
Читинскай уобаласка Даурия сиригэр байыаннай дьыалаҕа үөрэтэллэр. Ол кэннэ Өлөксөйү Арҕаа фроҥҥа Москва куорат анныгар аныыллар. Бастаан атынан артиллерияҕа, кэлин ветлазаретка сулууспалыыр. Ол сылдьан бастакы эчэйиини уонна контузияны ылар, Молотов (билиҥҥитэ Пермь) куоракка госпитальга сытан эмтэнээт, стройга төннөр.
1943 сыл от ыйын 5 күнүгэр Курск куорат анныгар 77 полка 202 гвардейскай дивизиятягар рядовой ытааччынан ананар. Ол кэмҥэ Курскай дугаҕа кырыктаах сэрии буола турар. От ыйын 16 күнүгэр көхсүгэ улахан эчэйиини ылан сытар байыаһы санитарка кыргыттар буланнар, өлөр өлүүттэн быыһыыллар. Хос эһэм сылтан ордук эмтэнэн, 1945 сыллаахха сынньалаҥҥа дойдутугар төннөр.
Дойдутугар чороҥ соҕотох хаалбыт кыра уолчаана көрсөр. Сэрии ыар-сут сыллара кими да харыстаабатахтара: кэргэнэ, оҕолоро суорума суолланаллар. Сынньалаҥа бүтэн, Дьокуускай военкоматыгар бэлиэтэнэ киирэн баран, сэрии бүппүт дьоллоох сураҕын истэн дойдутугар төннөр. Олох салҕанар. Өлөксөй дьиэ-уот тэринэр.
Кэлин сэрии туһунан ыйыттахтарына, олох сөбүлээбэтэ үһү. “Киһи киһини суох оҥороро, туох үчүгэйдээх буолуой”, – эрэ диирин дьонум ахталлар. Ол эрээри түһээн сэриилэһэрин биһиги бары билэбит. Эйэлээх олоххо хос эһэм өссө 3 оҕону төрөтөн, киһи-хара оҥорор. Биир кыыс уонна 2 уол оҕо күн сирин көрөллөр. Онтон биирдэстэрэ мин эһэм Семен Алексеевич буолар. Алексей Алексеевич хойукка диэри тутууга үлэлиир. Дьон махталын ылыан ылар.
1956 сыллаахха хос эһэм дьиэ кэргэнэ саҥа Балыктаах бөһүөлэгэр көһөн кэлэр. Бөһүөлэк тутуутугар күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук кулууп, оскуола, дьыссаат, балыыһа, гараж, мастарыскыайдар, чааһынай дьиэлэр тутууларыгар сүҥкэн кылааттаах. Ол элбэх махтал суруктарынан туоһуланар. 1961 сыллаахха “Ударник Коммунистического труда” знагынан бэлиэтэнэр. 1967 сылга сааһынан сынньалаҥҥа тахсар, оҕолорун, сиэннэрин көрсөн, дьиэ ис-тас үлэтигэр үлэлээн үйэтэ ууһуур.
1986 сыллаахха хос эһэбит Гоголев Алексей Алексеевич ыарахан ыарыы кэнниттэн, күн сириттэр күрэнэр.
Биһиги дьиэ кэргэн, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эйэлээх халлаан анныгар олорон, баҕалаах үөрэхпитин, идэбитин ыларбытыгар, сири-дойдуну көрөрбүтүгэр, үүнэрбитигэр-сайдарбытыгар хос эһэбит Алексей Алексеевич сүҥкэн, тугунан да сыаналаммат, сотуллубат кылаатын билэбит, сыаналыыбыт, умнубаппыт, киэн туттабыт!
Улуу Кыайыы мин олохпор бэлэх, киһини толкуйдатар, олоҕу сыаналыырга үөрэтэр сүҥкэн күүстээх!
Гоголева Майя,
Аллараа Бэстээх №1-дээх орто оскуолатын
XI кылаас үөрэнээччитэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа.