Мин хос эһэм аата Василий Самсонович Чупров, кини 1929 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр Амма улууһун Бөтүҥэр Молуода учаастагар төрөөбүтэ. Кыра сааһыгар тулаайах хаалбыта, ийэтинэн аймахтарыгар Иван Иванович Никитиннээххэ эҥэрдэһэн, кинилэр көмөлөһөннөр, киһи-хара буолбута.
Кыра эрдэҕиттэн үлэ ыараханын билэн улааппыта. Аммаҕа сэттэ кылааһы үөрэнэ бүтэрбитэ. Салгыы «Кыһыл Кэккэ» холкуоска биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1958 сыллаахха бурдук үрдүк үүнүүтүн ылан, Москва куоракка норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан, үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта. Хос эһэм 1946 сыллаахха «Сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин», үгүс элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, икки төгүл «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кини Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Эһэм олоҕо эдэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар, кининэн мин киэн туттабын.
Далаана Чупрова, V кылаас,
Таатта лиисиэйэ, Таатта