Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдуларын көмүскүү Саха сириттэн 62 тыһыынчаттан тахса саамай чэгиэн-чэбдик, күүстээх-күдэхтээх ньургун уолаттарбыт саа саадах тутан фроҥҥа аттаммыттара. Кинилэр Советскай Союз бары бырааттыы омуктарын кытта Москва анныттан Берлиҥҥэ тиийэ албан ааттаах бойобуой суолу ааспыттара.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойун эһэм Александр Антонович Осипов 1919 сыллаахха Сунтаар оройуонун Түбэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сиэйэ орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнэн бүтэрбитэ. Оччолорго VII кылаас үөрэхтээх киһини улахан үөрэхтээх киһинэн ааҕаллар эбит. Ол иһин сэрии иннигэр Сиэйэҕэ учууталынан үлэлии сылдьыбыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланарыгар мин эһэм баара суоҕа 22 саастаах эбит. Сэриигэ 1942 сыллаахха иккис хомуурга ыҥырыллан барбыт. Тульскай уобаласка Тула куорат анныгар хаан тохтуулаах улахан кыргыһыыга кыттыбыт. Ити кырыктаах, үгүс хаан тохтуулаах киирсиилэр кэннилэриттэн сэрии хаамыыта тосту уларыйбыта, биһиги сэриилэрбит кимэн киириилэрэ саҕаламмыта. Бу кыргыһыыга атаакаҕа сүүрэн киирэн иһэн атаҕар ыараханнык бааһырбыт уонна төбөтүгэр контузия ылбыт. Ити ылбыт улахан бааһырыыларыттан госпитальга өр сытан эмтэнэн үтүөрбэккэ, доруобуйатынан сыыйыллан дойдутугар эргиллибит. Кини сэриилэспит Тула куората кэлин герой куорат аата иҥэриллибитэ.
Дойдутугар кэлэн үлэ үөһүгэр түспүт. Холкуос бэрэссэдээтэлинэн, атыыһытынан үлэлээбит. Сопхуос тэриллибитин кэннэ өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык биригэдьиирдээбит. Мин эһэм маны таһынан кимиэхэ да
иннин биэрбэтэх дуоматчытынан, саахыматчытынан биллэр эбит.
Эһэм Александр Антонович Елизавета Федоровналыын ыал буолан 7 оҕону төрөтөн, барыларын атахтарыгар туруоран, үлэһит дьон оҥортообуттар.
Норуот сарсыҥҥытын, аан дойдуга эйэлээх олох чэчириирин туһугар сэрии толоонугар уот-кутаа, хаан-олбох ортотунан, хабыр хапсыһыыга сэриилэспит эһэбинэн киэн туттабын.
Уот будулҕан ортотунан хорсуннук сэриилэспит эһэм наҕараадалара: «Аҕа дойду сэриитин II степеннээх» ордена, «Германияны кыайыы иһин» мэтээл, ону таһынан элбэх юбилейнай мэтээллэрдээх.
Кини сэриигэ ылбыт баастарын ыарыытыттан от ыйын 3 күнүгэр 1995 сыллаахха бу күн сириттэн барбыт. Кини олорбут олоҕун элбэх оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар, аатын ааттаталлар.
Маннык ыарахан кэмнэр хаһан да буолбатыннар, сэрии буолбатын!
Вероника Петрова, III кылаас,
В.М. Анисимов аатынан Түбэй орто оскуолата, Сунтаар улууһа