Мин хос эһэм Трофим Михайлович Борисов 1914 сыллаахха, Чурапчы оройуонун Төлөй нэһилиэгэр төрөөбүт.
Өстөөх сэриинэн саба түспүтүгэр, Ийэ дойдутун көмүскүү сэриигэ ыҥырыллан 1942 сыллаахха Подмосковьеҕа тиийбитэ. Сэриилэһэ сылдьан бааһыран дойдутугар төннөн кэлэр. Үтүөрэн Японияҕа тиийэн кыайыыны уһансар. Кини советско-японскай сэрии кыттыылааҕа, 39-с стрелковай дивизия 392-с стрелковай полк састаабыгар сэриилэспитэ. Бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
Трофим Михайлович НКВД систиэмэтигэр үлэлии сылдьыбыта. 1980 сыллаахха Кытаанахха 64 сааһыгар ыалдьан бу олохтон туораабыта.
Мин хос эһэм туһунан дьонум кэпсээннэриттэн уонна хаартыскалартан эрэ да биллэрбин, кининэн киэн туттабын, холобур оҥостобун.
Күөх халлаан анныгар, үөрэ-көтө, эйэлээхтик олоруоҕуҥ, үөрэҕи-үлэни өрө тутуоҕуҥ, сырдыкка-кэрэҕэ талаһыаҕыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Эйэлээх олох баарыгар мин хос эһэбэр уонна атын дьоруойдарга махтанабын.
Эльвира Гоголева,
Чурапчы улууһун В.С. Яковлев-Далан аатынан
Кытаанах орто оскуолатын
III кылааһын үөрэнээччитэ.