Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Память предков. Генеалогия моей семьи — 2024» научнай-практическай кэмпириэнсийэ кыттыылааҕа, Мэнэ Ханалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй 5 кылааһын үөрэнээччитин Прокопьева Амелия чинчийэр үлэтин таһаарабыт. Салайааччы: Гурьева А.А.
Хас биирдии киһи орто дойдуга төрөөбут сирдээх-уоттаах, дьонноох-сэргэлээх. Кини бу ытык өйдөбуллэри мунура суох ытыктыыр, таптыыр, киэн туттар. Ону тэҥэ киһи олоҕор кини дьиэ кэргэнэ, аймахтара – уруулара сүрүн миэстэни ылаллар. Дьиэ кэргэн сыһыана – улахан мас силиһин курдук. Киниттэн киһи тыынар, кини киһиэхэ күүс-уох биэрэр. Төһөнөн дириң силистээх да, соччонон хас биирдии киһи сарсыңңы күңңэ бигэ эрэллээх буолар.
Хайа баҕарар киһи удьуорун утумнаан, салҕаан иһэр. Урут олорон ааспыт аймах-билэ дьонун удьуорун билиэхтээх. Ону билии — киһи тулхадыйбат сис баайа буолар. Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин диэн сахаҕа бастакы уонна сүрүн ыйытык буолар. Ол көлүөнэттэн көлүөнэђэ бэриллэр.
Билиҥҥи тургэн тэтимнээх, балысханнык сайдар үйэ5э норуот үйэлэргэ муспут үтүе үгэстэрэ сутэн –оһон, сиэрдэрэ – туомнара кэһиллэ быһыытыйда. Дьон саҥа үйэ алыбын техниканы, компьютеры баһылаан, үлүһүйэн төрөөбүт норуотун с, оннооҕор, дьиэ кэргэн үгэһин умнууга хаалларан эрэрэ үгүстүк бэлиэтэнэр буолла. Ол түмүгэр, уруккуну убаастаабат, инникини кэрэхсээбэт ыччаттар, о5олор үүнэн — сайдан эрэллэр. Онуоха дьиэ кэргэн төрүччүтүн үөрэтии төһүү күүс буолар. Урукку дьон сиэрдээх майгытын, олоҕун ылынан, үтүө үлэтин билэн, үтүөҕэ – кэрэҕэ иитиллэн тахсара саарбаҕа суох. Онон өбүгэбит үгэстэрин билэн, утумнаан саханы саха дэтиэхпит.
Чинчийэр үлэм кэнникитин мин олохпор туһалыа дии саныыбын. Дьиэ кэргэним кистэлэҥин арыйан кыра бырааттарбар, балтыларбар кэпсиэм, билиһиннэриэм. Биьиги дьиэ кэргэн эһэлэрим, эбэлэрим да өттунэн олус киэҥ аймах буолабыт. Саҥаттан саҥа көлүөнэ кэлэр ыччаттар, биһиги, бэйэ – бэйэбитин үчүгэйдик билсэрбитигэр, сүтэрсэн кээспэппитигэр төруччу олус улахан суолталаах.
Төрүччү диэн тыл төрүт диэн олохтон тахсар. Бу тыл урууну-аймаҕы ааҕыыны бэлиэтиир. Сахаларга удьуордааһыны – аҕа ууһунан урууну-аймаҕы ааҕыллар.
Эһэм өттүнэн төрүччүну ийэм, эдьиийим оҥорбуттара. Бастаан эһэм туһунан ахтыы кинигэ таһаарбыттара. Онтон сиэттэрэн киһи буолан баран сиилистээх-мутуктаах буолуохтаах диэн төрүччүну хасыһан үөрэтэн оҥорбуттара. Онно мин интириэһиргээн, үөрэтэн, эһэм олорон ааспыт олоҕун, төрүттэрин биллим.
Көлүөнэнэн көрдөрүү
I көлүөнэ | Тоторбот Бүөтүр | |||||||||
II көлүөнэ | Кучугаас Борокуоппай (бииргэ төрөөбүт 9 (тохсуолар) + 3 уолу ииппит) | |||||||||
III көлүөнэ | Петров Иван Прокопьевич — Дьүлэй (бииргэ төрөөбүт иккиэлэр) | |||||||||
IV көлүөнэ | Прокопьев Павел Иванович — Кугас (бииргэ төрөөбүт үһүөлэр) | |||||||||
V көлүөнэ | Прокопьев Тихон Павлович — Мойокоон (Тоторбот аҕа ууһа, бииргэ төрөөбүттэрэ 6 (алтыалар) | |||||||||
Федорова Марфа Васильевна (Бааччах аҕа ууһа, бииргэ төрөөбүттэрэ 11 (уон биирдэр) | ||||||||||
VI көлүөнэ | Прокопьев Никифор Тихонович (Тоторбот аҕа ууһа, бииргэ төрөөбүттэрэ 8 (ахсыалар) | |||||||||
Романова Анна Николаевна (Салба аҕа ууһа, бииргэ төрөөбүт 3 (үһүөлэр) | ||||||||||
VII көлүөнэ | Прокопьев Михаил Никифорович (Тоторбот аҕа ууһа, бииргэ төрөөбүт 4 (төрдүөлэр)) | |||||||||
VIII көлүөнэ | Прокопьева Наталия Михайловна — ийэм бииргэ төрөөбүт 4 (төрдүөлэр) | |||||||||
IX көлүөнэ | Прокопьев Андриан — мин (бииргэ төрөөбүт 2 (иккиэбит) |
1.1 Эһэм аҕатынан төрдө-ууһа
Тоторбот аҕа ууһа
Амма Лээгитигэр Тоторботтор ађа уустара Онньоойу баһыгар уонна Харбалаађынан олохсуйан олорбуттара. Сылгы, ынах сүөһү, таба иитэллэрэ, бултууллара, үрэххэ, күөлгэ балыктыыллара. Сир үлэтинэн дьарыктаммыттара биллибэт.
Төрдүлэрэ Петров Иван Прокопьевич – Дьөрөлөөх, Тоторбот Бүөтүр төрдүс уолун Кучугаас Борокуоппай уола. Борокуоппай диэн ааттан Прокопьевтар буолбуттар. Уйбаан үс уоллаах — Прокопьев Павел Иванович – Кугас, Прокопьев Тихон Иванович – Дьүлэй, Прокопьев Тихон Иванович.
Хос хос эһэм Прокопьев Павел Иванович – Кугас төрдүс уола Прокопьев Тихон Павлович – Мойокоон.
Бааччах аҕа ууһа
Бааччахтар улахан ађа ууһа эбиттэр : территорията да киэң, нэһилиэнньэтэ элбэх, Хаастаахтан хоту өттүн барытын, Алаас, Эбэ, аччыгый-туора үрэхтэр, Чобурђас, Көрдүгэн, Орбой Алааһа, Киндиги сайылык, ону тэңэ Киндиги үрэђин баһыгар дылы ууһаан-тэнийэн олорбуттар.
Хос хос эбэм Федорова (Прокопьева) Марфа Васильевна 1895 сыллаах төрүөх, Бааччах ађа ууһуттан төрүттээх. Аҕата – Дьүккүүк Баһылай, ийэтэ Ааныка диэн эбит. Төрөппүттэрэ Хаастаахха “Киэҥ Үрэххэ” олохсуйбуттар, бииргэ төрөөбүттэрэ элбэхтэр эбит. Бары түөлбэлээн итиннэ олорбуттар.
1.2 Эһэм ийэтин төрдө-ууһа
Салба аҕа yyha
Салбалар аҔа yyha — манна киирэллэр: Кээйэлэр, Бадьайдар, Салђааһыннар, Бурђааһыннар, Обоколор, Бодьордуурдар, Байдыалар. Бу ађа уустара кыстык сирдэрэ — Хайахтаах, Уруттаах, Быһыттаах, Сэлэ таппыт, Бухаанай, Лэкэн, Арыылаах, Даркылаах үрдүк томтордоро, ити тулатынаађы үрүйэлэр-харыйалар-тэңкэлэр ырааһыйалара буолаллар эбит. Сайылыыр сирдэрэ: Буралла төрдө (Алаас), Ходуһалаах сайылыга, ол алын өттө — Дьөгүөрэптэр сайылыктара, ол үөһээ өттө — Баһылайаптар сайылыктара. Ходуһалаах сайылыгар Кээйэлэр уонна Бадьайдар баһылыыллара. Сайыңңы мэччирэң сирдэрэ: Быйаң, Саахтай, Ходуһалаах, Туора Тумуһах, Муңур Буралла, ити сирдэр уүөһээ өттүлэрин оттууллара.
Бадьай — Романовтар — Бадьай Уоһук уонна Өрөньөн Лөгөнтөй диэн төрүт элбэх ыччата кэлбит ађа баһылыктар олорон ааспыттар, ону тэңэ Ардьыын Ыстапаан, Мардьааһай (Күтэр), Былатыан эңин диэн ођонньор.
Өрөньөн ођонньор Лөгөнтөйтөн — Дьарђа Ньукулай уонна Дьэђин Дьөгүөр диэн ођонньоттор бааллара үһү. Дьарђа Ньукулай икки кыыстаах, биир уоллаах эбит. Уола Хабырыыс, кыргыттара Надежда, Ааныска. Улахан кыыһа Лээгиттэн төрүттээх Архипов Былатыан диэн киһи кэргэнэ, кыра кыыс Лээгиттэн төрүттээх Прокопьев Никифор диэн киһи кэргэнэ.
- Аҕа уустарынан хос ааттар
Мин дьиэ кэргэним төрүччүтун үөрэтэн, билэн аймахтарым туһунан элбэ5и биллим. Саамай дьиктитэ, үгүс аймахтарым хос ааттаахтар эбит диэн олус интэриэһиргээтим. Үлэм иккис түһүмэ5эр аймахтарым хос ааттарын чинчийэн биллим.
- Кучугаас Борокуоппай – тиэтэйбит, ыксаабыт, үлэһит киһи.
- Бытыкаан Байбал – оҕо эрдэҕиттэн таптал аата
- Отчут Киргиэлэй – былыр ааттаммыт, отчут бэрдэ эбит
- Бадьай Уоһук – бадьаҥнаан, түөрэҥэлээн хаамар
- Хонос Кээтии – төбөтүн өрө тутан, күөрэччи, уһун-көнө уҥуохтаах
- Эрдэһит оҕонньор – эрдэ туран үлэтин-хамнаһын бүтэрэр киһи
2.1 Ономастика – анал ааттары үөрэтэр наука салаата.
Ономастика диэн анал ааттары, ааттар үөскээбит историяларын үөрэтэр лингвистика салаата буолар. Аат үөскээбит төрүтүн уонна суолтатын үөрэтэр.
Антропонимика — дьон ааттара туохтан үөскээбиттэрин, уларыйан иһиитин үөрэтэр ономастика салаата. Антропоним диэн — киһи анал аата, араспаанньата, хос аата, псевдонима.
Араспаанньа, аат, аҕа аата – бу официальнай антропонимнар. Онтон хос аат- неофициальнай антропоним, кини күннээҕи олоххо туттуллар уонна бу киһи чопчу характеристикатын көрдөрөр.
Аныгы олоххо аат оннугар хос аат элбэхтэ туттуллар. Хос ааттар киһи майгытынан, дьүһүнүнэн, тугу үлэлииринэн, быһыытынан-таһаатынан, туох дьарыктааҕынан, олорор сиринэн көрөн бэриллэллэр
- Хос ааттаһыы үескээбит историята.
Хос ааттаһыы – түҥ былыргы көстүү буолар. Былыр дьоннор иккилии ааттаах буолаллар этэ: төрөөбүттэрин кэннэ бэриллибит ааттара уонна ыҥырарга туттуллар аат, ол эбэтэр, хос ааттара. Хос ааттаһыы маҥнайгы төрүөтэ итэҕэли кытта сибээстээх. Хос аат киһини – харыстыыр суолталаах. Оҕону, киһини куһаҕан күүстэртэн, абааһылартан куоттаран иккис атын аатынан ыҥыраллара уьу диэн чинчийээччилэр сабаҕалыыллар. Иккис төрүөтүнэн буолар былыргы хараҥа, түҥкэтэх олох көстүүтэ буолар диэн сабаҕалааһын баар. Дьон итэҕэһин – быһаҕаһын ыйан туран үө5үү –мөҕүү ис хоһоонноох ааттааһынтан эмиэ үөскээбит. Ол оннук дьиҥ аатын ааттаабакка хос аатынан ыҥырыыттан хос ааттаһыы үөскээбит. Араас литератураттан көрдөххө, хос ааттар араас буолар эбиттэр.
Суолталарынан:
- Киһи тас дьүһүнүнэн
- Ис майгытынан
- Хантан төрүттээҕинэн
- Үлэтинэн
- Хаһыс оҕонон төрөөбүтүнэн
- Дьоҕурунан
- Социальнай таһымынан
Туттуллар майгытынан эмиэ араастаһар:
- Таптал аат
- Үөҕэн, атаҕастаан
- Харыстаан
- Убаастаан, ытыктаан.
Хос аат үөскээбит төрдө дириҥ – силистээх мутуктаах. Киьи – аймах баар буолуоҕуттан баар көстүү. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ даҕаны хос ааттаһыы бэйэтин суолтатын сүтэрбэккэ өссө тэнийэн туттуллар буолла. Билигин хос ааттар араас дьикти арраспаанньалартан үөскүүллэр диэн тыл үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр.
Тоторбот аҕа ууһа
- Эллэй Боотур
- Хара Тахтаах
- Босхоҥ Бэрдэҥэй
- Тойон Наахара
- Улуу Лээги
- Кыырт Тыҥырах
- Тоторбот Бүөтүр
- Моҕус Киргиэлэй
- Саадьах Түмэппий
- Далгыйа Архыып
- Кучугаас Борокуоппай
- Тараҕай Ыстапаан
- Хапчал Өлөксөй
- Маҕатыыр Өлөксөй
- Бырдьакы Мартыын
- Дандака Мартыын
- Көмөлгө Тараас
- Матыыска Байбал
- Кэлии Өлөксөй
- Дьүлэй Уйбаан
- Кугас Уйбаан
- Дьөрөлөөх Тыахан
- Буххалла Өлөксөй
- Минньээн Тыахан
- Бытыкаан Байбал
- Мойокоон Тыахан
- Халлах Уйбаан
- Отчут Киргиэлэй
Салба аҕа ууһа
- Дьарҕаа Ньукулай
- Дьэҕин Дьөгүөр
- Бурҕааһын Уйбаан
- Бадьай Уоһук
- Өрөнньөн Лөгөнтөй
- Ардьыын Ыстапаан
- Чаҕаарыйа Арамаан
- Хара Дьөгүөр
- Сөөттө Бүөтүр
- Хонос Кээтии
Бааччах аҕа ууһа
- Дьүккүүк Баһылай
- Куттуук
- Ньарбыгыаннар
- Абырҕаллар
- Хооллолор
- Төһөрүйэ Дьөгүөр
- Чамчаҕа Өлөксөөндүр
- Дьалкый Саабата
- Эрдэһит оҕонньор
2.3 Аймахтарым хос ааттара.
Аймахтарбыттан, биир дойдулаахтарбыттан ыйыталаһан, кэпсэтэн аймах дьонум то5о итинник хос ааттаммыттарын туһунан туоһулаһан элбэҕи биллим уонна итэҕэйдим.” Саха тылын тылдьытыттан” тыл суолтатын көрөн, быһааран элбэҕи, саҥаны биллим.
Тоторбот аҕа ууһа
- Саадьах Түмэппий – атахтарын киэҥник үктээн, накыччы туттан хаамар киһи.
- Далгыйа Архыып – аргыый, бытаан хамсанылаах киһи.
- Кучугаас Борокуоппай – тиэтэйбит, ыксаабыт, үлэһит киһи.
- Тараҕай Ыстапаан – баттаҕын күлтэччи кырыйтарбыт, батттаҕа суох киһи.
- Бырдьакы Мартыын – бытыктаах киһи
- Кэлии Өлөксөй – иитиэх уол
- Дьүлэй Уйбаан – кулгааҕынан истибэт
- Кугас Уйбаан – дьүһүнүнэн кугас киһи
- Дьөрөлөөх Тыахан – сир аатынан ааттаммыт
- Бытыкаан Байбал – оҕо эрдэҕиттэн таптал аата
- Халлах (халлан) Уйбаан – ырыган, көтөх, эмиһэ суох
- Отчут Киргиэлэй – былыр ааттаммыт, отчут бэрдэ эбит
- Буххалла Өлөксөй, Минньээн Тыахан, Мойокоон – тоҥустуу тыл
- Хапчал Өлөксөй – түөлбэ тыл, хотугу мэкчиргэ хаар эбэ
- Көмөлгө Тараас – балысхан, өлгөм. Бастакы уоҕар күлүмэхтик үлэлиир, кэнники эстэн хаалар.
Салба аҕа ууһа
- Дьарҕаа Ньукулай — таас үрэх маанылаах балыгын туулаан балыктыыр киһи
- Дьэҕин Дьөгүөр- хаҥас илиитинэн тутта үөрүйэх киһи.
- Бурҕааһын Уйбаан – түргэн, сыыдам, сытыы, кэлбит-барбыт киһи
- Бадьай Уоһук – бадьаҥнаан, түөрэҥэлээн хаамар
- Чаҕаарыйа Арамаан – чаҕааран саҥарар
- Хара Дьөгүөр – дьүһүнүнэн хара
- Сөөттө Бүөтүр – сүрдээх сытыы, бэйэтин кыанар киһи
- Хонос Кээтии – төбөтүн өрө тутан, күөрэччи, уһун-көнө уҥуохтаах
Бааччах аҕа ууһа
- Дьүккүүк Баһылай – сорунуулаах, дьаныардаах
- Ньарбыгыаннар — Гермогеновтар
- Төһөрүйэ Дьөгүөр – кыра соҕус, төгүрүк түргэнник хаамар
- Дьалкый Саабата – биир тэҥник долгулдьуйа хаамар киһи
- Эрдэһит оҕонньор – эрдэ туран үлэтин-хамнаһын бүтэрэр киһи
Аҕа уустарынан хос ааттарынан чинчийэн-үөрэтэн, уратыларынан көрөн алта көрүҥҥэ наардаатым
Дьүһүнэ | Майгыта | Хаачыстыбата | Үлэтинэн | Тоҥустуу тыл | Сир-дойду аатынан | |
1 | Хара Тахтаах | Саадьах Түмэппмй | Моҕус Киргиэлэй | Кучугаас Борокуоппуй | Бухалла Өлөксөй | Тойон Наахара |
2 | Босхоҥ Бэрдэҥэй | Далгыйа Архыып | Тоторбот Бүөтүр | Отчут Киргиэлэй | Миинньээн Тыахан | Улуу Лээги |
3 | Кыырт Тыҥырах | Чаҕаарыйа Арамаан | Кэлии Өлөксөй | Дьарҕаа Ньукулай | Мойокоон Тыахан | Хапчал Өлөксөй |
4 | Тараҕай Ыстапаан | Дьүккүүк Баһылай | Бытыкаан Байбал | Эрдэһит оҕонньор | Дьөрөлөөх | |
5 | Бырдьакы Мартыын | Сөөттө Бүөтүр | Көмөлгө Тараас | |||
11 | Бадьай Уоһук | |||||
12 | Хара Дьөгүөр | |||||
13 | Төһөрүйэ Дьөгүөр | |||||
14 | Дьалкый Саабата | |||||
15 | Хонос Кээтии | |||||
Бу таблицаны оҥорорбор абаҕам Прокопьев Василий Тихонович кэпсээнэ көмө буолла. Кини сэрии, тыыл ветерана, Аҕа дойду сэриитин 2 степеннээх орден кавалера, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Чыамайыкы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Кини Тоторбот аҕа ууһуттан төрүттээх, мин хос эһэбин Прокопьев Никифор Тихоновичтыын бииргэ төрөөбүттэр. Амма Лээгититтэн төруттээхтэр.
Тылдьыты хасыһаммын тыл суолталара арааһын, элбэҕин сөхтүм, биллим.
Хас биирдии киһи син биир айылҕа үүнээйитин кэриэтэ кимтэн эрэ кииннээх, хантан эрэ хааннаах, дириң силистээх – мутуктаах.
Мин чинчийэр үлэбин эһэм өттүнэн төрүттэрбин үерэттим, биллим. Дьон аатыгар – суолугар болҕомтобун ууран аймахтарым хос ааттарын билэри ситистим. Хос аат диэн киһини үөҕэр, атаҕастыыр эрэ көстуу буолбатах эбит. Киһи атын дьонтон уратытын көрдөрөргө туттуллар бэлиэ көстуу эбит диэн тумуккэ кэллим.
Төрүттэрбин тугу үлэлии-хамсыы сылдьыбыттарын үөрэтэн көрдөхпүнэ – салайааччы, суотчут, экономист идэлэри баһылаабыттар эбит. Удьуордарбын утумнаан үлэһит киһи буолуом.