«Тыый, кэл, кэл манна! Муус-маҥаннар, түүлэрэ үчүгэйиин!». Оҕолоор, эһиги бу уйаларга кимнээх олороллорун билэҕит дуо? Хоруолуктар, олус элбэхтэр, уп-улахаттар уонна хаар курдук муус маҥаннар.
Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан II Малдьаҕар оскуолата агротехнологическай хайысхалаах. Кыһыннары күөх үүнээйинэн толору буолар теплицэлэрин туһунан сырдатан турабыт. Онтон бүгүн түөрт атахтаах доҕоттор — хоруолуктар тустарынан маастар, хоруолугу иитээччи Зоя Александровна Васильева кэпсиирин истиэхпит.
Хоруолуктар кыһынын хаары сииллэр, онон тамахтарын ханнараллар, оҕуруот аһын, фрукта хаҕын наһаа сөбүлүүллэр эбит. Сылга, дьыл хайдаҕыттан, 10 -нуу оҕону төрөтөллөр.
Татьяна ЖИРКОВА, суруналыыс.
Улахан Аан, Хаҥалас улууһа .