Ийэлэр күннэринэн! Шеф-повар Николай Атласовтыын бүгүн асчыт уолбут Айсен Неустроев хортуоскалаах сугудай оҥоруохтара.
Бу кэрэ-бэлиэ күн ийэҕитин үөрдэн, сонун аһы буһаран көрүҥ. Астыырга судургу уонна ырысыапкын уларытан, холобур, балык оннугар, эти, беконы уо.д.а. туттуоххун сөп. Чэ, бастаан видеону көрөөрүҥ.
Ырысыаба
Буспут хортуоскалаах сугудай
Бөдөҥ хортуоскалары духовкаҕа 1,5 чааска 200 кыраадыска фольгаҕа суулаан баран буһарабыт. Балыкпытын ыраастыыбыт, уҥуоҕа суох кыра гына кырбыыбыт, эриэппэ луук, перец, туус, мас арыыта эбэбит. Хортуоска буспутун кэннэ фольгаҕа сытыаран эрэ ортотунан быһабыт, кыратык ныһабыт уонна үрдүгэр балыкпытын уурабыт, ону тэҥэ күөх луугунан, киэргэтэбит. Амтанын өссө эбии минньитээри сиир арыы, сыыр эбэбит.
Минньигэстик аһааҥ!
keskil14.ru