Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө биллэриллибит «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх кыттыылаахтара Ытык Күөлтэн Сандал уонна Евдокия Васильевна Булдаковтар. Кинилэр бүгүн хортуоскалаах, эриллибит эттээх запеканка астыыллар.
Хортуоскалаах, эриллибит эттээх запеканка
Рецепт: эриллибит ынах этэ — 500 г, хортуоппуй — 300 г, сыыр — 200 г, сүөгэй — 250 г. Эриллибит эппитигэр туус, тума, 2 сымыыт кутан лиискэ тэнитэбит, онтон хортуоппуйу теркалаан сүөгэйгэ булкуйан, тумалаан, эриллибит эппит үрдүгэр тэнитэбит, онтон сыыры теркалаан үрдүгэр кутабыт уонна духуопкаҕа 30 мүн. буһарабыт.
keskil14.ru