Хортуоска барахсан иккис килиэп диэн мээнэҕэ ааттаммат. Ким элбэх үүнүүнү ылар – ол кыһын үчүгэйдик кыстыыр. Кинитэ суох биһиги табыллыбаппыт. Ол курдук дьиэтээҕи хортуоскабытын дьаһайан баран, аны сөптөөх үтүө күн үүммүтүгэр оскуолабыт бааһынатыттан хортуоскабыт хостонно!
Ньурба Хаҥалаһын орто оскуолата агро хайысхалаах буолан сылын аайы оҕуруот аһын үүннэрэр. Быйыл эмиэ үүнүүбүт сөптөөх, кэминэн. Нэдиэлэ маҥнайгы күнүгэр оҕолор бары саба түһэн хортуоппуйбутун хостоон кэбистибит. Бэйэбитигэр сөптөөҕү ыллыбыт. Кыһыны быһа үөрэ-көтө сиир буоллубут.
Эвелина Жданова, «Ыллык» пост, Хаҥалас, Ньурба.