Филипп Петрович Хорошев (1905-1988) Иркутскай уобаласка төрөөбүт. 1942 сыллаахха Дьокуускай куорат байыаннай комиссариатынан Кыһыл аармыйа кэккэтигэр тылланан барбыт. Тоҕо диэтэххэ, кини сэрии инниттэн саха дьонугар киэҥник биллибит “Диктатор” борохуот хапытаана эбит. Алдьархайдаах сэриигэ 1941 сыллааҕы бастакы хомуурга ыҥырыллыбыттар үксүлэрэ “Диктатор” борохуотунан айаннаабыттар. Онно дьон-сэргэ айманарын уу хараҕынан көрбүт, эт кулгааҕынан истибит хапытаан сүрэҕэ тулуйбатах, этиллибитин курдук, сэриигэ тылланан барбыт.
Филипп Хорошев бастаан утаа бинтиэпкэ саалаах стрелок, онтон пулеметчик, разведчик. Ленинград оборуонатын уонна ону төлө көтүү кыттыылааҕа.
II Прибалтийскай фронт састаабыгар Латвия киин куората Риганы босхолоспут. Висла уонна Одер өрүстэри бастакылар кэккэлэригэр туораспыт, Германия Данциг уонна Берлин куораттарын ылсыбыт.
Хорсун буойун “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I, II степеннээх уордьаннарынан, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Ленинград оборуонатын иһин”, “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, ону таһынан үс төгүл “Хорсунун иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
Сэрии кэнниттэн үлэлээбит Өлүөнэ өрүс пароходствотыгар төннөн, “Красный”, “Кыым” борохуоттарга хапытаан. “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар. Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Хорсун буойун, хоһуун үлэһит Ф.П. Хорошев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин II Ыҥырыытыгар Дьокуускай куорат Даркылаахтааҕы быыбардыыр уокуруктан депутатынан талыллыбыт. Сэрии уотун ортотунан ааспыт депутаттар, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара Николай Чусовской, Валентин Павлов, Виктор Стрельцов, Сунтаар Чакырыттан (билиҥҥи Күндэйэ) түөрт уордьаннаах Николай Матвеев, сэрии кэминээҕи ыар олох кэнниттэн дьону үөрдэргэ, сэргэхситэргэ композитор Марк Жирков, ырыаһыт Анна Егорова, суруйааччы Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон уо.д.а. буоланнар Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар 1947 сыл олунньу 20 күнүттэн 1951 сыл олунньу 23 күнүгэр диэри үлэлээбиттэр.