Хомуһу тыаһатарга хас биирдии киһи туспа, ураты мелодиялаах. Хомус кып-кыра, ол эрэн араастаан тыаһыан сөп. Орто Халыма хомусчута Алена Платонова бэйэтин сатабылын дьону кытта үллэстэр.
Күөрэгэйдэтиигэ муннубутунан тыынан оҥоруохтаахпыт. «Йо-йо-йо-йо-йо» диэхтээхпит.
Хастатыыга, испитигэр «Ля-ля-ля-лю-ля-лю» диибит. Маннык уларыта-уларыта тыаһатыахха сөп.
Сыыйа тардыыга, киһи иһинэн тыынар техниката. Салгыны киһи сэмээр эҕэрийэн толорор. Аргыый аҕай араастаан айаҕынан тыыныы буолар.
Норуот ырыаларын тыаһатарга бэлэспитин хамсата үөрэнэбит. «Гыа-гыа-гыа-гыа» диибит. Тылбыт хамсаабат.
Хомус киһитэ суох тыаһаабат. Киһи ис уорганнарынан хомуһу киэрэгэтэн тыаһатар. Хомустуурга киһи бэйэтин вибрациятын үрдэттэҕинэ, иммунитета күүһүрэр, доруобай буолар.
Ольга Халыева