Саха хомуһун дьүрүһүйэр тыаһа алыптаах, алгыстаах, арчылыыр, араҥаччылыыр аналлаах. Аан дойдуга биллибит ытыс саҕа үнүстүрүмүөммүтүгэр биһикчээн саастаах оҕоттон саҕалаан бука бары табыгастаахтык тардарга кыһаллабыт, араас тэрээһиннэргэ кыттан, үгүскэ үөрэнэбит.
Оскуола оҕолоругар уонна ансаамбылларга анаан ыытыллар “Дьүрүһүй, хомуһум” күрэх быйыл саҥа сүүрээни киллэрдэ. Бу күрэххэ урукку кэмҥэ киин улуус уонна куорат чугаһынааҕы оскуолалар оҕолоро эрэ кытталлара. Онон тэрийэр бөлөх быйылгыттан уһук хоту сытар, ону сэргэ ыраах улуустары барыларын хабар сыаллаах кэтэхтэн көрүүнү ыытта. Суолга-иискэ хаайтарыы кэмигэр кэлии-барыы ороскуота элбэҕин учуоттаан, хомуһу сэҥээрээччилэргэ баҕа санааларын толороллоругар бу – табыгастаах быһаарыныы.
Ону сэргэ куонкуруһу тэрийээччилэр: “Хомуһу илиигэ сатаан тутар буоллуҥ да кыттаҕын”, – диири тохтотор санааны ылыннылар. Ол эбэтэр, сүүмэрдиир, кыайыылааҕы быһаарар сыанабылы кытаатыннарар, таҥаска-сапка болҕомтону уурар, кыттааччы муусука эйгэтигэр төһө сыстаҕаһын быһаарар ирдэбили туруордулар.
Бу күрэххэ оҕолор хомус алыптаах дорҕоонунан алаас ырыатын, айылҕа уһуктуутун, күн-дьыл туругун, оһуокай дорҕоонун, о.д.а. дьүһүйэн, сатабылларын, дьаныардаахтык дьарыктаналларын көрдөрдүлэр.
Киин улуустартан уонна куорат оскуолаларын оҕолоругар биирдиилээн, ону таһынан ансаамбылынан барыта 282 күрэхтэһээччи кытынна. Түмүккэ Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн үлэлиир “Этигэн хомус” ансаамбыл (сал. А.С. Жиркова, Дьокуускай) Гран-при буолла. Оттон биирдиилээн толорооччуларга кыайыылаах үрдүк аатын Саха гимназиятын үөрэнээччитэ Валерия Атласова (сал. Н.А. Васильева) ылла.
Анна ЖИРКОВА.
Ааптар түһэриилэрэ.