Мичилийэ Дьячковская Софрон Петрович Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Аан бастаан хомуһу кытары кини 3 саастааҕар билсэн турар. Ол курдук киниэхэ бастакы хомуһун эһээтэ оҕонньор бэлэхтээбитэ. Онтон ыла Мичилийэ хомус дьикти дьүрүскэнигэр куустарбыта. Ол мээнэҕэ буолбатах, кини удьуор хомусчут дьиэ кэргэнтэн силис тардыылаах. Хос эбээлэрэ Варвара Григорьевна Ефремова — импровизатор хомусчут.
Мин Мичилийэ ийэтин кытары кэпсэттим. Евгения Владимировна Горнай улууһугар Мытаах нэһилиэгэр олорор, идэтинэн култуура үлэһитэ буолбатах эрээри, култуураҕа сыстаҕас киһини кийииттээн олорор нэһилиэгэр бэлиэтии көрөн, бу сэтинньиттэн кулууп дьиэҕэ методиһынан үлэлии сылдьар. Оҕо эрдэҕиттэн хомустуур. Кини дьиэ кэргэнэ утумунан хомус тардаллар.
— Мин бэйэм Ефремовтар дьиэ кэргэн хомус ансаамбылын хомусчутабын. Эбээм Ефремова Варвара Григорьевна айылҕаттан айдарыылаах импровизатор хомусчут. Ол иһин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ хомус саамай киэн туттар уонна мааны туттар тэрилбит. Оҕо төрөөбүт күнүгэр хомус бэлэх уунар диэн биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үгэс быһыытынан сылдьар. Оҕолорбут «Бэйэм хомустанным, хомустаахпын» диэн астыналлар, үөрэллэр. Миигин бэйэм баҕабынан, эдьиийим үөрэппитэ, ол курдук оҕолорбун «хайаан даҕаны хомуска үөрэниэхтээххит» диэн хаайбаппын. Мин хомустуурбун кыра эрдэхтэриттэн истэ улааппыт буолан, хомуска үөрэнэр баҕалаахтарын көрөн сөпкө тутарга, бастакы дорҕооннорун таһаарарга үөрэтэбин. Онон оҕолорум хаһан баҕарар ылан тардаллар.
Улахан кыыс Мичилийэ 10 саастаах, үс саастааҕар эһэтэ хомус бэлэхтээбитэ. Онтон ыла тутан-хабан тыаһатар. Улахан уол Данил 7 саастаах, биэс сааһыттан хомуһу тарда үөрэнэр. Икки кыраларым — алта саастаах игирэлэр Күннэй биэһиттэн, онтон Антон саҥа хомуска үөрэнэ сылдьаллар. Эдьиийбит Мичилийэ бырааттарын, балыһын хомуһу тардарга көмөлөһөр, үөрэтэр. Ити курдук оҕо оҕоттон үөрэнэр.
Хомус дорҕооно бэйэтэ угуйар алыптаах, сахалыы тыыннаах, ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн «Мин сахабын, сахалыы тыыннаахпын» диэн үөрэнэр дии саныыбын.
Кырдьыга да оннук, хомус тардар оҕо кыра эрдэҕиттэн истиҥ сыһыаҥҥа, иһирэх тылга угуттанар, Ийэ тылын илгэтин иҥэринэ улаатар. Хомус — бу кэнчээри ыччаппыт кэскилэ буоларын умнумуоҕуҥ.
Барыгытыгар хомус күнүнэн истиҥ эҕэрдэ буоллун!
Видеоҕа кыра Дьячковскайдар Хомус күнүнэн эҕэрдэлэрин ыыталлар:
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.