Дьокуускайга араас дойду ааттаах хомусчуттара кэлэн, хоҥкунас тыастаах хомус барахсаҥҥа оонньоон дьүрүһүтэн, эриэккэс дорҕооннору таһааран, сүрэҕи үөртүлэр, көрөөччүлэргэ ураты аптаах, алыптаах түгэннэри бэлэхтээтилэр. Икки күн устата Япония, Кытай, Австрия, Венгрия, Индия, Монголия, Кыргыстаан, Россияттан Тыва, Челябинскай, Уфа, Хайалаах Алтай, Саха сирин варганистара сомоҕолоһон, хас биирдиилэрэ хатыласпат ураты ньымаларын бар дьон көрүүтүгэр тэйиччиттэн эрэ буолбакка, П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын сыанатыгар таһаардылар. Кинилэртэн 9 киһи “Хомусист-виртуоз мира” диэн дьоһун аатын сүктүлэр! Ол иһигэр үөрүөхпүт иһин, Саха сирин үс ыччата Эркин Алексеев, Варвара Степанова, Нарияна Ренанто аан дойду бастыҥа буоллулар!
Алта сааһыттан хомуһу билэр
Варганистар Норуоттар икки ардыларынааҕы обществоларын Президенэ, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Франц Кумпл санаатын истиэҕиҥ эрэ:
— Бастаан утаа, сорох кыттааччылар тэйиччиттэн кыттыылара күөн күрэс таһымыгар хайдах дьайыай, диэн саараан ылбыт да түгэммит да баара. Ол эрээри, биһиги дьолбутугар, тэйиччиттэн, zoom нөҥүө кыттыбыттар бары ситиһиилээхтик иһилиннилэр, күүппүппүтүнээҕэр барыта ордук табылынна. Онон биһиги Австрияттан саҕалаан, Японияҕа, Индияҕа тиийэ кыттааччыны түмтүбүт. Онон европалыы, түүрдүү, индиялыы, дьиҥ азиялыы хайысха баарын илэ истэн итэҕэйдибит. Итилэртэн сахалыы уонна норвежтыы ньыманан оонньооһун баһыйар эбит диэн түмүккэ кэллибит.
“Айархаан” оскуолата, башкирдыы ньыма дуораана биллэ иһиллэр. Ол эрээри, аан дойду виртуоз оонньооччута ааты ылар туһугар, атын омук ньыматын сүһэн ылан үтүктүбэккэ оонньуур ордук дии саныыбын. Мин тус бэйэм алта саастаахпар варган диэн үнүстүрүмүөнү илиибэр ылбытым. Миэхэ бу дьикти үнүстүрүмүөнү таҥара үлэһитэ киһи бэлэхтээбитэ. Мольн диэн коммунаҕа хомуһу XIX үйэ саҕаланыыта оҥороллор эбит. Оҕо эрдэхпиттэн кинигэни таптаан ааҕабын. Кумааҕы хаһыаты, сурунаалы, кинигэни харыстыыр, күндүтүк тутар ордук. Ааҕар киһи сайдыыта атын, таһыччы буолар, мэйиитин үлэлэтэр, эрчийэр. Оттон тэлэбиисэри, техниканы мэлдьи көрүү дөбөҥүн ааһан, киһи өйүгэр-санаатыгар мөкү өттүнэн эмиэ дьайыан сөп. Холобур, биһиги дьиэбитигэр тэлэбиисэри, көмпүүтэри көрө сатаабаппыт. Ити курдук, харыстанабыт.
Саамай аҕа саастаах кыттааччы
Норуоттар икки ардыларынааҕы “Хомусист-виртуоз мира” III куонкурус саамай аҕа саастаах кыттааччыта Монголияттан Бизьяа Хүүхэн-дүү этэ. Кини 82 саастаах. Омуна суох, сааһын тухары хомустуур. 4 саастааҕар кырачаан кыысчаан ийэтэ күн сириттэн баран, тулаайах хаалбыт.
— Ийэм баара-суоҕа 33 саастааҕар олохтон барбыта. Өйдүүбүн ээ, наһаа үчүгэйдик хомустуура. Ол дьикти матыыптар дьүрүскэннэрэ өйбөр-сүрэхпэр хаалан хаалбыттара. Онон хомуһу 4 сааспыттан илиибэр ылан, оонньоон барбытым. Бэйэм Гобийскай аймактан сылдьабын. Биһиэхэ мастан, тимиртэн, ынах муоһуттан хомус үс көрүҥэ баар. Хомуһу биһиги хэл хуур диэн ааттыыбыт. “Хэл” диэн тыл. Ийэм сүүс сыллааҕыта туттубут хомуһун манна илдьэ кэллим. Монголияҕа сыыйа тардыы уонна аныгылыы ньыманан хомустааһын ордук сайдыбыт. Сиэннэрим син оонньууллар, — диир.
Дьоһун күөн күрэс түмүгүнэн Бизьяа Хүүхэн-дүү “За лучшее традиционное исполнение” ааты ылла.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.