Биһиги оскуолабытыгар 3 -8 кылааска диэри оҕолор куйаар ситимин нөҥүө Аан дойдутааҕы хомус күнүгэр аналлаах «Мас хомуска охсуу ньымаларын үөрэтии» маастар-кылааска кытынныбыт.
Биһигини уонна Ньурба улууһун Малыкай нэһилиэгин оҕолорун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, оҕо ускуустуба оскуолатын үрдүк категориялаах уһуйааччыта Новгородова Таисия Мартыновна үөрэттэ. Кини биһиги учууталбытын Айталина Ильиничнаны кытта бииргэ үөрэммиттэр эбит. Араас мас хомустарын оҥорбуттарын көрдөрдүлэр. Бэл диэтэр, оҕолор бэйэлэрэ тырыынка маһынан кытта оностоллорун көрөн сөхтүбүт.
Биһиги мас хомустарбытын технология учуутала Бурцев Игнатий Михайлович уонна производственнай үөрэх маастара Павлов Александр Герасимович маастар кылааска бэлэмнээн онорбуттара. Ньурба оҕолоро «Сардаҥа саһарҕалара» норуодунай ансаамбылга дьарыктаналлар эбит. Хомуска Новгородова Таисия Мартыновна үөрэтэр. Элбэх оҕо уонна төрөппүттэр кытыннылар. Оҕолор араас мас хомустарынан биир биир оонньоон көрдөрдүлэр, бары хомустар араас да тыастаахтар эбит. Аныгыскы көрсүһүүгэ биһиги кинилэри флейтаҕа үөрэтиэх буолан тарҕастыбыт.
Саина Старостина,
VIII кылаас,
Арыылаах орто оскуолата,
Дьааҥы