Алтынньы 29 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр Комсомол 106 сылын бэлиэтээтилэр. Бу тэрээһин тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Эмис нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Егор Егорович Захаров-Хомсомуол Дьөгүөр төрөөбүтэ 90 сылыгар ананна.
Бу күн нэһилиэк түөлбэлэрэ комсомол кэмин кэпсиир хаартыскаларын түмэн оҥорбут слайдаларын билиһиннэрдилэр. Оччотооҕу кэм ырыаларын ыллаатылар, ол кэмнээҕи таҥастары көрдөрдүлэр. Ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ, эһэлэрэ Сэбиэскэй сойуус саҕана тутта сылдьыбыт иһиттэрин-хомуостарын, кэтэ сылдьыбыт таҥастарын, кинигэлэри, хаһыаттары билиһиннэрдилэр.
Үгүс дьон «бу биир эргэ чааскы, биир эргэ иһит-хомуос дьоммут аатын бүгүн үгүстүк ааттаттылар» диэн уйадыйан ыллылар. Онон былыргы иһит-хомуос улахан суолталааҕын өйдөөтүбүт.
Комсомол туһунан дьон-сэргэ туох өйдөбүллээҕий? Ол туһунан санааларын иһиттим. Биһиги оскуолабытыгар өр сылларга физкультура уруогун үөрэппит учуутал Иосиф Васильевич Петров санаатын маннык үллэстэр: «Комсомол – биһиги эдэр сааспыт сирдьитэ этэ. Күүстээхтик, чиэһинэйдик үлэлээн-хамсаан ааспыппыт. Үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх буоллаххына биирдэ комсомолга ылаллара. 90-с сыллар уларыйыыларыгар комсомолбут суох буолбута эрээри, биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар куруук баар!».
Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, 78 саастаах Зоя Егоровна Окорокова санаатын маннык үллэһиннэ: «Бастатан туран биир дойдулаахтарбар, аймахтарбар комсомол 106 сылынан төлөннөөх эҕэрдэбин тиэрдэбин. Мин дьонум холкуос үлэһиттэрэ буолан, биһиги, оҕолоро, фермаҕа элбэхтэ үлэлээбиппит. Комсомол кэккэтигэр киирбиппин наһаа өйдүүбүн. Комсомол аатын сүгэр сүрдээх кытаанах ирдэбиллээҕэ. Эн бу кэккэҕэ киириэххин сөп диэн комсомоллартан, партиялаах үлэһиттэн хайаан да мэктиэлээх буолуохтааххын. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Баһылай Михайлович Пахомов диэн учуутал баара. Сэрии толоонун ортотунан ааспыт буолан, аҥаар атахтаах этэ. Сүрдээх кытаанах, ирдэбиллээх буолара. Комсомол уонна комсомольскай хамсааһыны салайар дьон биһиги үлэһит дьон буолан тахсарбытыгар тирэх буолбуттара. Онон комсомолга мин үйэм тухары махталлаахпын».
Онтон Егор Егорович Захаров-Хомсомуол Дьөгүөр диэн ким этэй? Кини комсомол ветерана, Эмис нэһилиэгин 1950-1960 сс. комсомольскай активиһа, кэлин сэкэрээтэрэ, нэһилиэк сэбиэтигэр 17 төгүл депутатынан быыбарданан үлэлээбит.
Мин бүгүҥҥү тэрээһинтэн Егор Егорович Захаров-Хомсомуол Дьөгүөр бэйэтин кэмигэр үгүс ыччаты түмэн, нэһилиэк инники кэскилин салайсыбыт киһи диэн өйдөөтүм. Комсомол нөҥүө биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх ыччат кэлэн олохсуйбут. Кинилэр оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот туттан Эмис нэһилиэгэ нэһилиэк буолан сайдан олорор.
Егор Егорович Захаров кыыһа, Амма олохтооҕо Марфа Егоровна Дмитриева нэһилиэк олохтоохторугар бу маннык тэрэһини ыыппыттарыгар дириҥ махталын тиэрдэр.
– Аҕабытын дьон-сэргэ умнубатыттан үөрэбит. Аҕабыт 1959 сыллаахха олунньу ыйтан Ураһалаах учаастагар биригэдьииринэн 13 сыл, партком, сэбиэт бэрээссэдээтэлинэн 9 сыл үлэлээбитэ. Кэнники почта начальнигынан үлэлээбитэ. Олохтоох сэбиэккэ үлэлиир кэмигэр Эмис нэһилиэгэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирэн, өрөспүүбүлүкэ Знамятын ылан турардаах. Эмистээҕи маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин сэкэрэтээринэн үлэлиир кэмигэр нэһилиэгин олохтоохторо кинини ытыктаан, убаастаан «Хомсомуол Дьөгүөр» диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Аҕабыт сэбиэскэй ирдэбиллээх, кытаанах кэмҥэ иитиллэн тахсыбыт буолан, олоххо сүрдээх көхтөөх уонна дьону онно көҕүлүүр киэҥ өйдөөх-санаалаах киһи этэ. Оччотооҕу кэмҥэ суолталаах партийнай конференцияларга, мунньахтарга элбэхтик кыттара. Нэһилиэк сэбиэтигэр 17 төгүл депутатынан быыбарданан үлэлээбитэ. 1959 сыллаахха олунньуга Хомпу Наахараттан төрүттээх Мелания Прокопьевна Николаеваны кытта ыал буолбута. Биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Элбэх сиэннэрдээхтэр. Эмис нэһилиэгэр олорбуттара», – диэн аҕатын туһунан кэпсээтэ.
Егор Егорович Захаров кэргэнин Мелания Прокопьевнаны кытта 50 сыл бииргэ олорбуттар. Кинилэр маннык уһуннук эйэлээхтик олорбуттарыгар оҕолоругар махтаналлар эбит. Ол туһунан бу видеоҕа кэпсээн хаалларбыттара баар https://vk.com/video-199463452_456242294
Егор Егорович Захаров айылҕа хаамыытын, күн-дьыл туругун кэтээн көрөр ураты дьарыктаах эбит. Кини хаар 16 көрүҥүн туһунан 2011 сыллаахха сиһилии ойуулаан кэпсээбитин «Чуораанчык» сурунаалга 2021 сыл 11-с нүөмэригэр бэчээттээбиттэр.
Бу күн Хомсомуол Дьөгүөр оҕолоро аҕаларын кытта бииргэ үлэлээбит дьон оҕолоругар сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Туораттан наһаа истиҥник көһүннэ. Улуустааҕы ветераннар сэбиэттэрин салайааччыта Мария Романовна Захарова кырдьаҕас олохтоохторго наҕараадалары, махтал суруктары туттарда.
Ити курдук Эмис нэһилиэгэр Хомсомуол Дьөгүөргэ анаммыт Комсомол күнэ олус үчүгэйдик ааста. Биһиги, оҕолор, ааспыт олох историятын, оччотооҕу сэбиэскэй кэм ыччаттара түмсүүлээхтэрин, уопсай дьыала туһугар кыһаллан үлэлииллэрин туһунан биллибит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар хаартыскалара