Саһыл орто оскуолата Ефим Егорович Протопопов аатын сүгэр. Кини аата 2011 сыл алтынньы 20 күнүгэр иҥэриллибитэ.
Ефим Егорович Протопопов 1946 сыллаахха балаҕан ыйын 29 күнүгэр Томпо оройуонун Саһыл нэһилиэгэр Майыана диэн учаастакка 8 оҕолоох Егор Николаевич уонна Анна Ефимовна Протопоповтарга алтыс оҕонон төрөөбүтэ. Кини оҕо уонна оскуолатааҕы саастара Кириэс-Халдьаайыга ааспыттара. Ефим оскуолаҕа ыытыллар общественнай улэлэргэ уонна тэрээһиннэргэ олус актыыбынай этэ. Пионер онтон комсомолец буолбута. Хоһоон суруйара, көҥүл тустуунан дьарыктанара.
1964 сыллаахха Кириэс орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн СГУ история-филология факультетын саха тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кэтэхтэн үөрэнэр кэмнэригэр учууталынан үлэлээбитэ. Литературанан умсугуйан, элбэх хоһоону хаһыаттарга бэчээттэппитэ.
70-с сыллартан Ефим Егорович общественнай үлэтэ саҕаламмыта. Үтүө суобастаах, эппиэтинэстээх, үлэһит бэрдэ киһи, Сахабыт сирин элбэх муннугар араас салайар дуоһунастарга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Төрөөбүт-үөскээбит Томпотун оройуонугар 1983 сылтан 1992 сылга диэри Ефим Егорович Протопопов оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Дьэ бу үлэлиир кэмнэригэр кини көҕүлээһининэн, 1991 сыллаахха биһиги бөһүөлэкпитигэр бу билигин үөрэнэр оскуолабыт тутуллубута.
1992 сылтан 2006 сыл күһүнүгэр диэри Ефим Егорович Дьокуускай куоракка Саха республикатын үрдүкү салайар дуоһунастарга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ:
— наука, норуот үөрэҕириитин бэрэссэдээтэлинэн;
— Президент уонна Правительство дьыалаларын салайааччытын солбуйааччытынан;
— алын уонна орто үөрэхтээһин департаменын директорынан;
— киһи быраабыгар Боломуочунай аппарат салайааччытынан.
Бу үлэтин таһынан норуодунай депутатынан элбэхтэ талыллан чиэстээхтик үлэлээбитэ. Республика сайдыытын хааччыйар элбэх сокуоннары бэлэмнээһиҥҥэ уонна ылыныыга кыттыбыта.
Ханна да үлэлээтэр, киэҥ билиитинэн-көрүүтүнэн, баай уопутунан, хайа да үлэҕэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлииринэн дьон ытыктабылын ылара.
Өр сыллаах үтүө суобастаах уонна таһаарыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, Ефим Егорович «Саха Республикатын айылҕатын харыстабылын туйгуна» анал бэлиэнэн, «Байкал-Амур магистралын 30 сыла» уонна «Шахтер Албанаата» 3 степеннээх мэтээллэринэн, Томпо улууһун уонна Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах Гражданина аатынан, икки төгүл Саха Республикатын Правительствотын Грамотатынан наҕараадаламмыта.
Киэн туттар киһибит Ефим Егорович сыралаах, кыһамньылаах үлэтинэн, үтүө дьыалатынан эрэ холобур буолбат. Кини кэрэ дууһатынан, ыраас санааларынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан өйдөнүллэн хаалбыт. Маны элбэх дьон ахтыылара, сыаналааһыннара туоһулууллар: киһи быһыытынан олус боростуой этэ, олус чиэһинэйэ, сэмэйэ, элэккэйэ, көнө-судургу этэ; эппит тылын энчирэппэккэ толорор, эрэллээх киһи этэ; байа-тайа сатыыры билбэтэ; ким да буоллун, дьоҥҥо олус элбэхтик көмөлөһөн, элбэх үтүөнү оҥорбута.
Е.Е. Протопопов бу этиллибит майгытын өрүттэринэн киһиэхэ барытыгар сөбүлэтэрэ, дьон ытыктабылын ылыан ылбыта. Кинини билэр-билбэт, бииргэ улэлээбит, алтыспыт дьоно бары истин-иһирэх тылынан ахталлар, саныыллар, өйдүүллэр.
Ефим Егорович Протопопов айылҕаттан айдарыылааҕа, суруйар талааннааҕа кини хаалларбыт айымньыларыгар көстөр. Хоһоонноругар эдэр саас ыраас таптала, төрөөбүт ийэ буор, айылҕа кэрэтэ хоһуйуллар, туойуллар. Хас да хоһоонун күн күбэй ийэтигэр анаан суруйбута.
«…Ефим Томпонскай (бу кини литературнай аата) хоһоонноругар саҥаны көрдүүргэ, ким да эппэт тэҥнэбиллэрин буларга дьулуһар. Айымньылара ыраас дууһаттан тахсар, онно бүөбэйдэнэр буоланнар ис киирбэхтэр, тиийимтиэлэр…» — диэн 1966 сыллаахха «Саха университета» хаһыакка ыам ыйынааҕы таһаарыытыгар эдэр поэт айар улэтин хайгыы бэлиэтииллэр.
Е.Е. Протопопов орто дойдуга дьоллоох олоҕу олорбута. Кини дьон олоҕо тупсарын, дойдубут сайдарын, инники кэскилбит кэҥиирин туһугар элбэх сыратын биэрбитэ.
Сахалар үтүө киһи өйдөбүллээх, кэрэ киһи кэриэстэбиллээх диэн этэллэр. Ол да иһин бэйэтин үлэтинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ оҥорбут үтүө дьыалатынан биир дойдулаахпыт сырдык аата үйэлэргэ умнуллубат дьылҕалаах. Кини туһунан үтүө, кэрэ өйдөбүл барыбыт өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр куруутун баар буолуоҕа, баар буоллун. Кини ситэ олорботох олоҕун, толорботох үтүө дьыалаларын оскуолабыт үөрэнээччилэрэ чиэстээхтик салҕыахтара.