Амма улууһун аҕа баһылыга Степан Николаевич Кузьмин муҥхата Эмис нэһилиэгин быйаҥнаах эбэтигэр Хойуоҕа буолан ааста. https://vk.com/clip-199463452_456242359?c=1
Улуус муҥхата тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Социалистическай куоталаһыы чемпиона, ССРС киноматографиятын туйгуна, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кадровай булчут, Эмис муҥхатын өр сылларга салайбыт Афанасий Михайлович Бубякин
аатын үйэтитэн ыытылынна, балыктыыр биригээдэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии тэрилиннэ.
Амма улууһун нэһилиэктэриттэн барыта холбоон 220 киһи ыалдьыттаата. Муҥха киирии чааһын Эмис нэһилиэгин олохтооҕо, ветеран учуутал, Учууталлар учууталлара Анатолий Алексеевич Михайлов алгыһынан арыйда, аал уотун оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан күндүлээн, Күөх Боллох иччититтэн көрдөстө.
Салгыы Екатерина Афанасьевна Захарова-Саха Күөрэгэйин аатынан култуура киинин үлэһиттэр эҕэрдэ тыл этэн ыалдьыттары арыылаах алаадьынан саламаатынан көрүстүлэр.
Амма улууһун баһылыга Степан Николаевич Кузьмин бэйэтин эҕэрдэ тылын эттэ. Салгыы тылы муҥха тойоно Владимир Петрович Константинов ылла:
«Бүгүн балыктааҕынан аатырбыт Хойуо эбэҕэ түөрт муҥха түһүөҕэ. Онон бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн, анньыыһыттар анньыылаан, нырыыһыттар нырыылаан, бука бары, бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын».
Кэлбит ыалдьыттары култуура киинин үлэһиттэрэ сылаас үүтээҥҥэ киллэрэн чэйдэттилэр.
Мин муҥха кэмигэр дьону-сэргэни көрсөн кэпсэттим, Хойуо муҥхатын туһунан санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.
Иван Фёдорович Иванов, Амма улууһун култууратын уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта:
– Эмис нэһилиэгэр бастаан 2021 сыллаахха муҥхалаабытым. Хоһооҥҥо хоһуйуллубут Тугулутта эбэҕэ, оруобуна баччаларга, эмиэ улуус баһылыгын муҥхата буолбута. Ол кэмҥэ Амма улууһун баһылыга Николай Архипович Архипов этэ. Үс сыл буолан баран, бүгүн бары ытыктыыр Хойуо эбэбитигэр бастакыбын кэллим. Эмис нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр махтанабын. Кыралыын улаханныын түмсэн, итии чэйтэн саҕалаан саламаатыгар тиийэ ас астаан ыалдьыттары көрүстүлэр. Муҥха олус түмсүүлээхтик ааста. Кэлбит дьоҥҥо барыларыгар балыгы үллэрэн, дьону-сэргэни түмэ тутан тэрийдилэр. Онон ыалдьыттар ааттарыттан, Эмис нэһилиэгин баһылыгар Прокопий Петрович Бубякиҥҥа, нэһилиэк ытык киһитэ Афанасий Михайлович Бубякин аатын үйэтитиитигэр кыттыспыт дьоҥҥо барыларыгар, оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонноругар, быйаҥнаах сирбитигэр Хойуо эбэҕэ махталбын тиэрдэбин.
Раиса Ивановна Софронова, Болугур:
– Улуус баһылыгын муҥхатыгар Хойуоҕа нэһилиэкпит баһылыга Андрей Никитич Петров салалтатынан кэллибит. Муҥха тэрээһиннээхтик ааста. Күн-дьыл да туран биэрдэ, Байанай да мүчүк гынна. Нэһилиэк баһылыга Прокопий Петрович Бубякин көрсөн, бары бииргэ түмсэн, муҥхаҕа ким тугу гыныахтааҕын барытын ыйан-кэрдэн бэркэ сырыттыбыт. Биһиги нырыыһыттарынан сырыттыбыт. Муҥха быраабылаларын, үгэһин, историятын кэпсээбиттэрин сэргээтибит. Эмис сиригэр-уотугар, олохтоохторго махтанабыт. Хойуо нэһилиэктэн ыраах да буоллар, суола-ииһэ улахан массыынаҕа үчүгэй эбит.
***
Афанасий Михайлович Бубякин аатын үйэтитиигэ муҥха биригээдэлэрин икки ардыларыгар
ойбон алларыытыгар, 50 миэтэрэҕэ үтүмэх сүүрдүүтүгэр, кууллаах балыгы сүгэн сүүрүүгэ, эстафетаҕа, канат тардыһыытыгар күрэхтэһии буолла. Бастакы миэстэни «Бригада 56» ыллылар уонна улуус баһылыга Степан Николаевич Кузьмин бирииһин туттулар. Иккис миэстэни Амма улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын, үһүс миэстэҕэ «Гамма» хамаандалара таҕыстылар. Кинилэргэ Афанасий Михайлович Бубякин оҕолорун, сиэннэрин анал бириистэрин туттардылар.
Маны сэргэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан «Муҥханы өрө туппут дьиэ кэргэн» анал ааты Платоновтар дьиэ кэргэттэригэр туттардылар. Бөтүҥ нэһилиэгиттэн сылдьар 7 саастаах Захар Никитин «Эдэр муҥхаһыт» аатын тутта. Владимир Петрович Константинов салайааччылаах «Бригада 56» «Түргэн сырыылаах» биригээдэ аатын сүктэ.
Хойуо эбэ муҥхата 160 куул балыгы биэрдэ. Онон Күөх Боллох иччитэ кэлбит дьону «өттүк харалаан, илии тутуурдаан» ыытта.
Хойуо муҥхатыгар улахан дьон быыһыгар үлэлии-хамсыы сылдьар кырачаан уолаттары киһи хайаан да бэлиэтии көрөр. 5-с кылаас үөрэнээччитэ Эрсан Васильев уонна 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Айыстаан Новиков кырабыт диэбэккэ үлэттэн туора турбатылар.
– Муҥхаҕа бастакыбытын сылдьар буолан биһиэхэ барыта интэриэһинэй. Өссө дьиэбитигэр собо кэһиилээх тиийэбит, – диэн кырачаан муҥхаһыттар үөрүүлэрэ муҥура суох.
Онон Хойуо муҥхата оҕолорго өбүгэ саҕаттан бэриллэн кэлбит үтүө үгэспит буолар, ону тэҥэ балык үлэлээтэххэ кэлэр диэн өйү-санааны иҥэрдэ.
Хойуо эбэ балыгын харыстаан, сотору-сотору сынньата, аһата, көрдөһө сырыттахха балыга быстыбат. Эбэни харыстыыр ньымалары аныгы сайдыылаах үйэҕэ туһанарбыт наадалаах. Муҥхаһыттар эһиил атын эбэни тардыахпыт диэн сүбэлэстилэр. Онон Хойуо эһиил сынньанар.
– Бары бииргэ биир санаа буолан, бу курдук эһиил эмиэ көрсүөҕүҥ. Ол туһугар бары ыалдьыбакка этэҥҥэ олоруҥ, – диэн муҥха тойоно Владимир Петрович Константинов дьонугар-сэргэтигэр үтүө санаатын эттэ.
Эһиилги муҥхаҕа көрсүөххэ диэри!
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар хаартыскалара
Алена Гаврильева видеота