Хомус аан дойдуга варган диэнинэн биллэр. Сахалар төрүт инструмеммыт. 5 тыһыынча сыл анараа өттүттэн баара сабаҕаланар. Дьүрүһүтэр дьүрүскэнэ куйаары кытта ситимнээх буолан, былыр ойуун доҕуһуола эбит. Билигин да хомус эмтиир, ыраастыыр, арчылыыр күүһүгэр итэҕэйэбит, ол иһин сиэргэ-туомҥа туттабыт.
***
Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” диэн хоһоонугар хомус айыллыытын, аналын, сахаларга суолтатын – барытын хомоҕойдук хоһуйбута, хомус лыҥкынас тыаһынан саха омук уһуктар, сайдар кэскилин кэпсээбитэ, кэрэҕэ тардыһар күүһүн бэлиэтээбитэ, төрүт култууратын, өбүгэтин кытта ситимин үйэлэргэ сүтэрбэт тускулун туойбута.
- Айыҥат хаан аймаҕа
- Аан ийэ дайдыны
- Айар күнүгэр,
- Икки атахтааҕы
- Ийэ сиргэ
- Кэскиллиир күнүгэр,
- Урааҥхай дьону
- Орто дойдуга
- Олохтуур күнүгэр, —
- Хохуоралаах тыллаах
- Хоҥкунас тыастаах,
- Холобура суох хоһоонноох
- Хомус барахсаны
- Хомуһуннаан айбыта үһү.
***
1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Хомус аан дойдутааҕы музейа Дьокуускайга Иван Алексеев-Хомус Уйбаан тэрийиитинэн аһыллыбыта. Бастакы экспонаттары Хомус Уйбаан бэйэтин коллекциятыттан биэрбитэ. Дириэктэринэн бөлүһүөк учуонай К.Д. Уткин анаммыта.
***
Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбааны саха хомуһун Ньургун Боотура диэн ааттыыллар. Кини музей аһыллыытыгар эрэ өҥөлөөх буолбатах. 1962 с. устудьуоннуу сылдьан “Алгыс” хомусчуттар ансаамбылларын тэрийэн, онтон ыла хомуһу сөргүтүү, ыччакка тарҕатыы саҕаланар. Хомуһу аан дойду таһымыгар таһаарар туһугар элбэх үлэни ыыппыта, кэмпириэнсийэлэри тэрийбитэ.
Хомус аан дойдутааҕы тэрилтэтин генеральнай сэкирэтээрэ, филология наукатын доктора, ХИФУ профессора.
***
1948 сыллаахха саха хомуһун Сэбиэскэй Сойууска билиһиннэрбит, Москваҕа сахалар хомустарын дьүрүһүтэ тыаһаппыт киһинэн Тааттаттан төрүттээх Лука Турнин буолар. 1957 с. Саха Сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 325 сылынан Москваҕа Чайковскай саалатыгар улахан кэнсиэр буолар. Онно Лука Николаевич 27 киһилээх ансаамбыла хомустаабыта. Хомустарын бэйэтэ оҥороро.
***
Бииргэ төрөөбүт Спиридон уонна Николай Шишигиннэр хомус сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаахтар. Николай Хомус музейын дириэктэринэн өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Спиридон виртуоз-хомусчут быһыытынан аан дойдуга биллэр.
***
Хомус оҥорор аатырбыт маастардар: С.И. Гоголев-Амынньыкы Уус, Н.П. Бурцев, И.Ф.Захаров-Кылыадьы Уус, К.К. Мальцев, И.Н. Готовцев-Хоһуун Уус, Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус, Б.Н. Неустроев-Мандар Уус, М.Н. Мальцев-Кылаан Уус, И.К. Колодезников-Үрүҥ Уус, И.Т. Павлов- Утум Уус, Г.Г. Бурцев-Кэрэмэн Уус, Нь.Н. Уварова-Хатан Уус, В.А. Уаров, И.И. Христофоров-Кириһээн Уус уо.д.а.
***
Петр Оготоев – бастакы профессионал хомусчут. Саха филармониятын солиһа этэ. РФ үтүөлээх артыыһа.
***
Тыастаах-уустаах музыканы сөбүлүүр аныгы ыччат хомуһунан үлүһүйэригэр суолу аспыт киһинэн Альбина Дегтярева буолар. Кини 2002-2004 сылларга төрүттээбит “Айархаан” этно-кантри-фолк бөлөҕө чаҕылхай сулустуу умайбыта, киэҥ сэҥээриини ылбыта. Кини Юлияна Кривошапкина-Дьүрүйээнэ, Олена Подлужная-Уутай, Алиса Саввинова, Василена Шарина, Айсен Аммосов-Дьөһөгөй, Артур Семенов уо.д.а. курдук хомусчуттары үүннэрэн таһаарбыта.
***
Италия кинорежиссера Диего Паскаль Панарелло Саха Сирин хомуһун туһунан “Странные звуки счастья” диэн киинэни уһулла.
***
Саха эстрадата 2016 сыллаахха “Хотой уонна Хомус” диэн этно-рок-поп испэктээги туруорбута. Режиссер Амгалена Барашкова. Манна театр 30 артыыһа бары кыттыбыта. Музыкатын Күннэй Ли-Фу (Уля Сергучева) суруйбута.
***
Августина Филиппова “Хомус Кыыс” көстүүмэ.
***
2011-2012 сылларга Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус оҥорбут хомуһа космоска тахса сылдьыбыта, сири эргийбитэ, куйаарга тыаһаабыта. Космонавт Олег Кононенко саха хомуһугар оонньообута, сахалартан космонавтар баар буолалларыгар баҕарбыта. Үөһэ халлааҥҥа, куйаар киэҥ урсунугар эппит ол баҕа санаата туоллун!
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.