Төһөлөөх элбэх кэнчээри ыччаты
Кэрэҕэ-сырдыкка сирдээтиҥ,
Төһөлөөх элбэх күннэри-түүннэри
Үтүмэн үтүөҕэ анаатыҥ?!…
Эн киэҥ байҕалын муҥура суох бараммат баай,
Эн сырдыкка сирдиир суолун көнө, киэҥ,
Эн үрдүккэ кынаттыыр халлаанын сырдык, ыраас,
Эн иитэр-үөрэтэр толкуйун үтүө, сайаҕас.
Эн киэҥ баай байҕалгар умсан,
Мин киэҥ билиилэниэм,
Эн сирдиир суолгунан айаннаан,
Мин көнө суолу батыһыам,
Эн кынаттыыр халлааҥҥар дабайан,
Мин сырдыкка, үрдүккэ дьулуһуом,
Эн иитэр-үөрэтэр толкуйгун иҥэрэн,
Мин үтүө, сайаҕас майгыланыам.
Махтал буоллун Учууталбар
Үгүс, үтүмэн сыраҕар,
Умнуллубат үтүө кэмнэргэр,
Уҕараабат, уостубат кыһамньыгар!
Джесика Алексеева,
Уус-Алдан улууһун, Бээди сүрүн оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ.