Итэҕэйбэппин, ийэ тыл эстиэҕин
Саха оҕото буоламмын
Сахалыы тылы билиэхтээхпин,
Төрөөбүт төрүт тылбын
Төрүөхпүттэн үөрэтиэхтээхпин.
Сахам тылын дьылҕата
Сарсыҥҥыта, бүгүҥҥүтэ
Туҥуй кыра сүрэхпин
Толкуйдатар эбээт, атастаар.
Ол эрээри, итэҕэйбэппин
Ийэ тылыҥ эстиэ дииллэрин,
Сахам тыла сайдыа диэн
Сарсыҥҥытын эрэнэбин.
Тупсууна ОБОЮКОВА,
П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын VIII “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Эрэнэбин, сахалыы кутуҥ уһуктуон
Олоххо мэлдьи бэлэмнээх,
Олоҥхо улуу тыллаах,
Саха норуота дэнэммит
Сайдан, саргыланан олоробут.
Саха тылын кэскилэ
Саарбахтатар үгүстэри,
Саха тылын саргыта
Саараҥнатар элбэхтэри.
Тоҕо маннык толоостук
Төрөөбүт тылгар сыһыаннаһаҕын?
Тоҕо маннык кыбыста,
Төрөөбүт тылгынан саҥараҕын?
Мин оччугуй оҕочоос бэйэкэм
Сахалыы кутум өһүргэнэр,
Мин кэнчээри ыччат кэскилэ
Сахалыы санаам туоххаһыйар.
Эрэнэбин, сахалыы кутуҥ уһуктарыгар,
Эрэнэбин, саха сахатынан буоларгар,
Эрэнэбин, төрөөбүт тылгын умнубаккар,
Эрэнэбин, ийэ тылгар эргиллэргэр.
Виолетта ЗАХАРОВА,
П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын VIII “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: саха тылын, литературатын учуутала Людмила Николаевна Павлова.
Сунтаар улууһа.
Бэлэмнээтэ Жанна ЛЕОНТЬЕВА.