Төрөөбүт тыл күнэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сылтан бэлиэтэнэр эбит буоллаҕына, ЮНЕСКО көҕүлээһининэн 2000 сылтан саҕалаан, аан дойдуга олунньу 21 күнэ — Төрөөбүт тыл күнүнэн биллэриллибитэ.
Үс үйэ анараа өттүгэр нуучча тылын үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт улуу педагог К.Д. Ушинскай “Төрөөбүт тыл”— “Родное слово” диэн өлбөт үйэлээх үтүө ыстатыйаны суруйан хаалларбыта. Онно маннык тыллар бааллара: “Норуот тыла дьон уоһуттан түспэтин тухары-ол норуот тыыннаах. Өбүгэ үтүмэн үгүс көлүөнэтэ айан хаалларбыт тылын баттыыртан ордук ыар баттал норуокка суох. Норуоттан тугуҥ баҕарар былдьыаҥ-барытын булунуо,оттон тылын былдьаттаҕына, ону хаһан да иккиһин айыа суоҕа» диэн.
Олунньу ый 11-21 күннэригэр Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин С.П. Гаврильев аатынан “Тойук” НАДьиэтэ уонна нэһилиэк олохтоох библиотеката Ийэ тыл, сурук-бичик уонна Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күннэрин чэрчитинэн төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр, уран уус тылынан тиэрдэр сыаллаах ыытыллыбыт “Хоһоон алыптаах ыллыгар” III өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас хоһоон күрэҕэр кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран, кыайыылаахтары билиһиннэрэбит. Куйаар ситиминэн ыытыллыбыт бу хоһоон күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 60-тан тахса кыттааччы видеоролигынан кытынна. Куйаар ситиминэн күрэх географията кэҥээн, Өймөкөөн, Булуҥ, Өлөөн, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Ньурба улуустарыттан кытыннылар. Хоһоону толорооччулар оҕо аймах тапталлаах, норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит Платон Ойуунускай, төрөөбүт тыл амтанын, өҥүн талатын хоһоонугар биир бастакыннан хоһуйбут А.А. Иванов-Күндэ, саха норуодунай суруйааччыта Наталия Харлампьева айымньыларыгар элбэхтик толорбуттар.
Уһуйаан оҕолоругар бастакы үрдэли Семенов Айгылаан, Ньурба улууһа, Малдьаҕар нэһилиэгэ, ”Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин, (сал. Попова Нь.Н.), иккис үрдэли 3 саастаах кырачаан Вика Секова, Ньурба Күндээдэтин “Кэнчээри” уһуйаана, (сал. Петрова В.Н), Валентин Аммосов, 5 саастаах, Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгиттэн, “Кыымчаан” уһуйаана, ( сал.Иванова В.С.) ыллылар. Үһүс үрдэли 4 саастаах “Баай Байбал” хоһоонунан уу сахалыы ааттаах Амонов Күндүмэн Айсен уола, Сунтаар Аллыҥа нэһилиэгиттэн ылла.
Алын сүһүөх кылаастарга бастакы үрдэли Уйгулан Васильев, Ньурба, Хаҥалас, иккис үрдэли Егоров Айсан,Үөһээ Бүлүү,Нам, Үһүс үрдэли Егорова Диана, Дьокуускай куорат ыллылар.
Орто сүһүөх оҕолорго бастакы үрдэли Дьулустан Сивцев, 7 кылаас үөрэнээччитэ, поэтесса Н. Харлампьева “Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр” диэн саха тылыгар ыҥырыы кэриэтэ хоһоонунан ылла. Булуҥ, Күһүр оскуолата,(сал. Лебедова Н.И.), иккис үрдэли Дьяконов Владимир 7 кылаас үөрэнээччитэ, Булуҥ, Күһүр оскуолата, (сал. Лебедова Н.И.), үһүс үрдэли Никифорова Дайаана, Ньурба, Сүлэ (сал. Николаева М.Н.) ыллылар.
Улахан дьоҥҥо бастакы үрдэли Лиханова Надежда Мироновна, 68 саастаах, Хаҥалас улууһун, Хачыкаат нэһилиэгиттэн, Евсеева Ангелина Петровна, 61саастаах Сунтаар Күүкэй нэһилиэгин олохтооҕо ыллылар. Төрөөбүт тылга тапталы иҥэринэн илдьэ сылдьар ытык дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.
Бөлөҕүнэн толорууга бастакы үрдэли Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона, Дьэлиҥдэ нэһилиэгин үөрэнээччиллэрин толоруутугар П. Ойуунуской “Өрүөл кэриэһэ” хоһоонноро, иккис үрдэли Ньурба Сүлэтин 4 кылааһын үөрэнээччилэрин толоруулара, үһүс үрдэли Ньурба Убайаан орто оскуолатын 6 “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ Күндэ “Эдэр ыччакка“ толоруулара (сал. Сидорова Р.И., Иванова Л.В.) ыллылар. Тэрийээччилэр ааттарыттан Ньурба оройуонун Күндээдэ, Сүлэ, Дьиикимдэ уһуйааннара, учууталлара үөрэнээччилэрэ, төрөөбүт ийэ тылга кэскиллээхик үлэлэһэ сылдьалларын махталынан бэлиэтиибит.
Хаҥалас улууһун Улахан Аан “Кыымчаан” уһуйаанын кырачаан иитиллээччитэ Валентин Аммосов “Хааһы туһунан” хоһоону сүрдээх ис киирбэхтик толоруута, Ньурба Малдьаҕарыттан Айгылаан Семенов Бүөтүр Тобуруокап “Оо, үлүгэр да эбит” хоһоонун толоруута, 3 саастаах кырачаан Вика Секова “Эрдэ турбут оҕолор” хоһоону толоруулара хайа да көрөөччүнү долгуппат буолуон сатаммат.
Хас биирдии күрэх кыттааччылара туоһу суруктары, бастакы үрдэли ылбыттар Добун суругу кытта, харчыннан бириэмийэ тутуохтара.
Хоһоон алыптаах ыллыгынан айаннаспыт, төрөөбүт тыл этигэн кэрэтин сэргиир-сэҥээрэр, ийэ тылбытын норуот барҕа баайын курдук киэн тутта ааҕар бары куонкурус кыттыылаахтарыгар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.
Хоһоон диэн айымньы баарын тухары саха тыла тыыннаах буолан, аҕыс салаалаах Аал-луук мас курдук айгыр-силик бэйэлэнэн, улуу олоҥхоһут курдук уон араас куолаһынан дуорайан, өссө да уһун үйэлэргэ симэлийбэккэ, ситэн-силигилээн эҥсэ-иҥиэттэ турдун.
Хаартыскаҕа: бастакы үрдэл хаһаайына Уйгулан Васильев, Ньурба, Хаҥалас.
Дьүүллүүр сүбэ аатыттан ырытта, суруйда Мария Николаева, библиотекарь, Ньурба Хаҥалаһа.