Эрдэ суруйбуппут курдук, Кэбээйи улууһун И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр аналлаах араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр буола тураллар. Ол курдук, олунньу 17 күнүгэр кыра, орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэр уолаттар икки ардыларыгар хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буолла.
Маныаха, I-IV, VI-VIII кылаас уолаттара кытыннылар. Онтон кыргыттар уолаттарын ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан түмүк маннык буолла:
Алын сүһүөх кылаастара:
1 миэстэ – 2 кылаас уолаттара, кылаас салайааччыта — Степанова М.И.
2 миэстэ – 4 кылаас, салайааччы – Иванова М.И.
3 миэстэ – 1 кылаас, салайааччы – Иванова И.И.
Муҥутуур кыайыылааҕынан 3 кылаас уолаттара буоллулар, кылаас салайааччыта – Винокурова А.И.
Орто бөлөх үөрэнээччилэригэр:
1 миэстэ – 6 кылаас уолаттара, кылаас салайааччыта – Ноговицына А.П.
2 миэстэ – 7 кылаастар, салайааччы – Эверстова Л.С.
Муҥутуур кыайыылааҕынан – 8 кылаас уолаттара буоллулар, кылаас салайааччыта – Кычкина М.П.
Уолаттар аныгы нуучча поэттарын уонна Дьуон Дьуон Дьаҥылы “Төрөппүт ийэбэр”, Тимофей Сметанин “Саллаат сүрэҕэ”,”Эдэркээн доҕорум” хоһооннорун аахтылар.
Субу курдук хоһоон ааҕыыта уолаттары түмэрин, эппиэтинэскэ үөрэтэрин,кинилэр сыанаҕа бар дьон иннигэр тахсалларыттан долгуйбуттарын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
“Арылы” – пресс-бөлөх,
Кэбээйи. Мукучу.