Үлэ диэн тугуй?
«Үлэ киһини киэргэтэр»
Диэни истэр этим мин.
Ол иһин мэлдьитин
Үлэ диэн тугун
Толкуйдуубун, саныыбын.
Ийэм, аҕам үлэни
Өрө тута ииппиттэр.
Онон өрүү этэбин:
Үлэ диэн өрөгөй!
Үлэ диэн өрүһүлтэ.
Үлэлээх киһи инникилээх,
Үлэлээх киһи кэскиллээх.
Таптыахха наада үлэни,
Сыаналыахха наада идэни,
Сайыннарыахха наада дьарыгы.
Олох сайдыыта — үлэҕэ,
Дууһа чэпчиирэ — үлэҕэ,
Киһи дьоло –үлэҕэ.
Сайыны олус да күүтэбин
Сайыны олус да күүтэбин…
Сир-дойду күөҕүнэн симэнэн,
Сибэкки ыһыаҕын ыһарын.
Дьэрэкээн сытынан тунуйан,
Мутукча көҕөрө тылларын.
Кэҕэ кыыл чуумпу тыа кэтэҕэр
Хойуутук кукууктуур саҥатын.
Сарсыарда аайытын эрдэлээн,
Күөрэгэй дьиэрэтэн ыллыырын.
Киэһэлик арыый да хойутаан
Сиик-туман хонууну сабарын.
Күнүһүн чаҕыл күн анныгар
Араас лыах көхтөөхтүк көтөрүн.
Бу кэмҥэ Айылҕа барахсан
Кэрэ кыыс кэриэтэ киэргэнэн,
Сайыны кытары сатыылыыр.
Вероника Яковлева, Ньурба оройуонун Антоновка
Н.Н. Чусовской аатынан орто оскуолатын
XI «а» кылааһын үөрэнээччитэ.