Ахсынньы 19-21 күннэригэр Дьокуускайга XIV-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын икки ардыларыгар «Өбүгэ оонньуулара» спортивнай этнофестиваль ыытылынна. Быйыл фестиваль Афанасий Васильевич Чугунов 85 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолаларын 35 сылыгар ананан тэрилиннэ. Барыта агрооскуола статуһун ылар 13 оскуола 10 араас көрүҥҥэ илин-кэлин былдьастылар.
Бастакы күн күрэх үөрүүлээх арыллыытыгар ыалдьыттарынан буоллулар СР Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын депутата А.А. Григорьева, Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин киинин дириэктэрэ Г.А. Васильев, «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччы А.Р. Брызгалов, өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын сойууһун дириэктэрэ П.Г. Дягилев, агрооскуолалар икки ардыларыгар ыытыллар «Өбүгэ оонньуулара» күрэҕин көҕүлээччитэ, тэрийээччитэ Н.А. Николаев.
Бу күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга ытыктыыр, убаастыыр киһибитигэр Н.А. Николаевка дохсун ытыс тыаһын ортотугар «Наставник агрошколы» бэлиэ туттарылынна, маны таһынан, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатын директорыгар М.В. Максимовка уонна күрэх сүрүн сэкиритээригэр К.А. Ширяевка «За вклад в развитие агрошколы» бэлиэ туттарылынна.
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар, ол курдук:
“Байанай бэлэҕэ” оҕунан ытыы күрэҕэр, уолаттарга
1 миэстэ – Харампьев Альберт (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
2 миэстэ – Лукин Никита (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
3 миэстэ – Спиридонов Севастьян ( Бөкчөҥө орто оскуолата, Бүлүү улууһа)
“Байанай бэлэҕэ” оҕунан ытыы күрэҕэр, кыргыттарга
1 миэстэ – Родионова Сандаара (Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү)
2 миэстэ – Максимова Любовь (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи)
3 миэстэ – Алексеева Альберта (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас)
“Хабылык” күрэҕэр , кыргыттарга:
1 миэстэ – Прокопьева Айгуль (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
2 миэстэ – Максимова Любовь (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
3 миэстэ – Родионова Сандаара (Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү)
“Хабылык” күрэҕэр, уолаттарга:
1 миэстэ – Данилов Дьулустан (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
2 миэстэ – Конников Сахаян (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма улууһа)
3 миэстэ – Еремеев Данил ( Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
«Хаамыска» күрэҕэр кыргыттарга:
1 миэстэ – Родионова Сандаара ( Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа)
2 миэстэ – Максимова Любовь (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
3 миэстэ – Дайбаннырова Камилла (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
“Хаамыска” күрэҕэр уолаттарга:
1 миэстэ — Данилов Дьулустан (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
2 миэстэ – Конников Сахаян (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма улууһа)
3 миэстэ – Голоков Никита (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа)
“Кириэс тэбии” күрэҕэр:
1 миэстэ – Алексеева Альберта (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа)
2 миэстэ – Эверстова Мелисса (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
3 миэстэ – Осипова Елена (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай куорат)
“Көтөх ынаҕы туруоруу” күрэҕэр:
1 миэстэ – Сергеев Айтал (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма улууһа)
2 миэстэ – Михайлов Алгыс (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
3 миэстэ – Ксенофонтов Эдуард (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
“Ойбонтон уулааһын” күрэҕэр кыргыттарга:
1 миэстэ- Андреева Антонина (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
2 миэстэ – Эверстова Мелисса (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
3 миэстэ – Максимова Любовь (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
“Ойбонтон уулааһын” күрэҕэр уолаттарга:
1 миэстэ- Мальчекитов Саян (Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа)
2 миэстэ – Еремеев Данил (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
3 миэстэ – Сергеев Айтал (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма улууһа)
“Наартаны ойуу” күрэҕэр кыргыттарга:
1 миэстэ – Саввинова Леонора — 211 (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
2 миэстэ – Семенова Алиса — 208 (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
3 миэстэ – Семенова Дайаана — 204 (Хорообут орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа)
“Наартаны ойуу” күрэҕэр уолаттарга:
1 миэстэ- Михайлов Алгыс – 276 (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
2 миэстэ – Гуляев Владимир – 275 ( Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
3 миэстэ – Ксенофонтов Эдуард – 254 (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
“Тутум эргиир” күрэҕэр кыргыттарга:
1 миэстэ – Алексеева Альберта – 46 (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа)
2 миэстэ – Макарацова Альмира — 29 (Дириҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа)
3 миэстэ – Эверстова Мелисса – 26 (Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа)
“Тутум эргиир” күрэҕэр уолаттарга:
1 миэстэ — Ксенофонтов Эдуард – 49 (Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа)
2 миэстэ – Егасов Валентин – 46 (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
3 миэстэ – Ксенофонтов Владимир – 45 (Хорообут орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа)
Олоҥхо толоруу күрэҕэ:
1 миэстэ – Степанова Лена (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма улууһа)
2 миэстэ – Иванова Василена ( Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа)
3 миэстэ – Лукин Никита (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
Бэйэни билиһиннэрии
1 миэстэ – Л.Н.Харитонов аат. Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа
2 миэстэ – Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа
3 миэстэ – 2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа
Чыысхай
1 миэстэ — Л.Н.Харитонов аат. Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа
2 миэстэ – Дириҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа
3 миэстэ — 2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа
Үс күннээх тыҥааһыннаах күрэхпитигэр алта көрүҥ түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх оҕолорбут.
Кыргыттарга:
1 үрдэл – Алексеева Альберта (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа)
2 үрдэл – Андреева Антонина (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
3 үрдэл – Прокопьева Айгуль (Уус Таатта орто оскуолата, Таатта улууһа)
Уолаттарга:
1 үрдэл – Данилов Дьулустаан (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
2 үрдэл – Голоков Никита (2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа)
3 үрдэл – Еремеев Данил (Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа)
ХIV төгүлүн ыытыллыбыт “Өбүгэ оонньуулара” күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар:
1 ҮРДЭЛ — Бордоҥ орто оскуолата, Сунтаар улууһа (30 000 тыһ.) уонна көһө сылдьар Кубогынан наҕараадаланна.
2 ҮРДЭЛ — 2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас улууһа (20 000 тыһ.)
3 ҮРДЭЛ — Л.Н.Харитонов аат. Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа (10 000 тыһ.)
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах агрооскуолалар икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Өбүгэ оонньуулара” күрэх бары кыттаачыларыгар, күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар, спонсордарга ис сүрэхпититтэн тэрийэр хамыыһыйа аатыттан махтанабыт.
Алина Ноговицына, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас оскуолатын педагог-организатора.