Алтынньы 4-6 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Наука аччыгый академиятын иһинэн VIII Саха сиринээҕи химия турнира ZOOM платформаҕа ыытылынна. Ахсыс төгүлүн ыытыллар турнир тэрийээччилэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Наука аччыгый академията, ХИФУ естественнэй наукалар института, Арассыыйатааҕы наукалар академияларын Сибиирдээҕи салаатын ниэп уонна гаас кыһалҕаларын института буолаллар.
Химия турнирын түмүгүнэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет лиссиэйин (СУНЦ) үөрэнээччилэрин хамаандата 1 уонна 2 миэстэлэри ылары ситистилэр. Онтон лиссиэй үөрэнээччитэ Северина Кудрина тус зачекка 2 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Наука аччыгый академията бүтүн Арассыыйатааҕы «Смена» оҕо киинигэр икки путевкатын ХИФУ лиссиэйин хамаандатын уопсай сүбэтинэн Жанна Васильева уонна Алина Голикова барар буоллулар. Оҕолор алтынньы ый 23 күнүттэн лааҕырга баран «ТехноЛидер» бырайыак иһинэн үөрэниэхтэрэ, маастар-кылааска, экспертнай сессияларга кыттыыны ылыахтара.
Алина Голикова кэпсиир:
— Тус бэйэм эһиил көрдөрүүбүн эбии тупсарар баҕа санаалаахпын. Быйылгы турнир олус көхтөөхтүк ааста. Хамаандабар олус махтаныбын.
Инньэ гынан ХИФУ идэтийбит үөрэтэр-научнай киинин (СУНЦ) үөрэнээччилэрэ эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы химия турнирын финалыгар киирдилэр.
Эҕэрдэлиибит!
Хаартыскалар ХИФУ уонна Наука аччыгый академиятын саайтыттан ылылынна.