Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар тылларын чинчийэр аан дойдутааҕы лаборатория ХИФУ базатыгар үлэлээтэ. Бу туһунан Илиҥҥи экономическай форумҥа үрдүк үөрэх кыһатын ректора Анатолий Николаев иһитиннэрдэ.
Чикаготааҕы үнүбэристиэт профессора Ленop Гренобль салайааччылаах тылы уонна култуураны харыстааһын бырайыага Россия Бырабыыталыстыбатын гранын ылла диэн ректор кэпсээтэ.
Бу бырайакка 90 мөлүйүөн солк. көрүллүөҕэ, онтон 75 мөлүйүөнү Россия Бырабыыталыстыбата биэриэҕэ, 15 мөлүйүөн солкуобайы үрдүк үөрэх кыһата бэйэтин өттүттэн үбү ыытыаҕа.
«Биһиги Арктика лингвистическэй экологиятын аан дойдутааҕы лабораториятын бырайыагын саҕалаатыбыт. Билигин профессор Ленор Гренобль Дьокуускайга кэллэ. Киниэхэ анаан кэбиниэт бэлэмнээтибит. Араас куораттартан, институттан исписсиэлистэри хомуйан хамаанда тэрийдибит. Комлекснай бырагыраама бэлэмнээтибит», — диэн Анатолий Николаев эттэ.
Бырайыак чэрчитинэн регион сиригэр-уотугар олорор норуоттар тылларын уонна култуураларын чөлүгэр түһэрии балаһыанньата үөрэтиллэр, Cаха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сырыы былааннанар.
Ону тэҥэ бырайыак эдэр исписсиэлистэри бэлэмниэҕэ диэн ректор бэлиэтээтэ.
«Маннык исписсиэлистэри бэлэмниир олус уустук. Оттон бу бырайыак олус үчүгэй усулуобуйаны үөскэтэр — биһиги бу үс сыл эдэр үлэһиттэри бэлэмниэхпит», — диэтэ кини.