Одуванчик сибэкки сахалыыта «Алтан төбө» диэн ааттанар. Кини “С” битэмиининэн олус баай. “С” битэмиин киһи иммунитетын күүһүрдэр уонна уҥуоҕу бөҕөргөтөрүн туһунан бары билэбит.
Одуванчиктан мииньигэс уонна олус туһалаах мүөт оҥоһуллар. Одуванчиктан мүөт рецебэ олус боростуой буолар. Саамай сүрүн састааба сибэкки төбөтө уонна саахар буолар.
Биһиги, Хатыы орто оскуолатын сайыҥҥы сынньалаҥ, үлэ лааҕырын «Үнүгэс» оҕолоро, 3760 устуука одуванчик сибэккитин хомуйбуппут. Сибэккини атаҕыттан ыраастаан баран биир суукка ууга хоннорбуппут. Сарсыныгар сиидэлээн баран атын ууга оргута туруорбуппут. Уубут оргуйбутун кэннэ 9 киилэ саахар куппуппут. Ити курдук олус туһалаах, минньигэс, иҥэмтиэлээх айылҕа биэрбит мүөтэ бэлэм буолла.
Күндү доҕоттор! Одуванчигынан мүөт оҥоруоххутун баҕарар буоллахытына бу рецебы туһанаргытыгар ыҥырабыт:
1. 400 устуука одуванчик сибэккитэ;
2. 1 киилэ саахар;
3. 750 мл уу;
4. 1 чаайынай ньуоска лимоннай кислота.
Ити курдук алтан төбөттөн минньигэс мүөт бэйэбит оҥосторбутугар олус боростуой эбит диэн түмүккэ кэллибит. Сахабыт сиригэр үүнэр сибэккилэри, оту-маһы туһана үөрэниҥ!
Хатыы орто оскуолатын «Үнүгэс» лааҕыр оҕолоро.