Россия «НТВ» ханаала икки ыйтан ордук кэм устата дойду үрдүнэн баар Оҕо дьиэлэригэр, оскуола-интэринээттэригэр уонна ыалга иитиигэ бэриллибит оҕолорго анаан “Ты – супер!” муусукаалынай бырайыагы тэрийэн ыытта. 7-18 саастаах талааннаах оҕолору Россия дьоно-сэргэтэ улаханнык кэрэхсээтэ, сэргээтэ. Кинилэр ортолоругар Үөһээ Бүлүүттэн тыыннаах муусуканы өрө тутар “Хатан” ансаамбыл уолаттара кыттан, Саха сирин олохтоохторун сүрэхтэрин өрүкүттэ. Тэлэбиисэр күөх экранын иннигэр олорон, кинилэр тустарыгар долгуйбуппут, ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕарбыппыт аҕай.
Чэйиҥ эрэ, билсиһиэххэ
Ансаамбыл туллубат тутааҕа Володя Климовскай 16 саастаах. Тулаайах уонна төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго күүс-көмө, дурда-хахха буолар Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И. Седалищев аатынан кииҥҥэ 2008 сылтан бырааттарын кытта олорор. “Хатан” солиһа уонна электрогитараҕа оонньуур.
– Сахабыт сирин чиэстээхтик ааттаттыбыт, араас дьону, муусукааннары кытта билистибит. Дьүүллүүр сүбэттэн ордук Маргарита Суханкинаны, ырыаһыт Ёлканы сөбүлээтибит. Кинилэр аан бастакынан биһиги туспутугар куоластарын биэрбиттэрэ.
Костя Оппоев – бас-гитарист. Сааһа 17-тэ. 2013 сылтан бу кииҥҥэ олорор. Билигин “Хатан” биир тутаах киһитэ, элбэх муусукаалынай үнүстүрүмүөҥҥэ, ол иһигэр домбраҕа кытта, сатабыллаахтык оонньуур.
– Бу бырайыакка кыттар элбэх оҕолуун билистибит, доҕордостубут. Иллээх дьиэ кэргэн оҕолорун курдук, бэйэбит икки ардыбытыгар ирэ-хоро кэпсэтэн, олус холкутук сырыттыбыт.
Иннигэр үгүс элбэх барабаан кэчигирээбит ударнай установкаҕа 16 саастаах Андрей Кириллин тигинэччи охсор. Оскуола кэнниттэн звукооператор идэтигэр үөрэниэн баҕарар.
– Үчүгэй баҕайы профилакторийга түһэ сырыттыбыт. Онно туох барыта баар: тренажердар, доруобуйаны тургутан көрүү, аспыт-үөлбүт да элбэҕэ. Ол эрээри, дьиэбит аһын олус суохтаатыбыт.
Синтезаторга Володя Климовскай бииргэ төрөөбүт быраата, 13 саастаах Вася, оонньуур. Кини, убайын курдук, “Хатан” ансаамбыл биир сүрүн киһитэ.
– Россия шоу-бизнеһигэр биллэр продюсердар сүбэ-ама биэрдилэр. Ону барытын болҕомтолоохтук истэн, тугу эппиттэрин толорон, бэйэбитигэр улахан уопуту ыла сатаатыбыт. Инники өттүгэр кинилэр сүбэлэрин айар үлэбитигэр өссө да туһаныахпыт.
Саксафоҥҥа оонньуурга икки сыл анараа өттүгэр үөрэммит Айхал Федотов билигин 13-тээх. Бу дьикти үнүстүрүмүөнү дэгиттэрдик баһылаабыт.
– Москваҕа сылдьан, оскуолабыт программатыттан хаалымаары, күн аайы үөрэммиппит. Ол олус көмөлөстө. Уолаттар бары бу бырайыак үөрэҕин үчүгэй сыаналардаах түмүктээтибит.
Бары куолаһы кинилэргэ
Ыраах Саха сириттэн дойдубут тэбэр сүрэҕэр аан бастаан үктэммит оҕолорбут Москваттан 40 биэрэстэ тэйиччи Мансурово бөһүөлэк “Красная гвоздика” профилакторийыгар түспүттэр. Туох баар төлөбүрүн (күҥҥэ түөртэ аһыылларын, хонуктарын, тэрээһиннэргэ сылдьыыларын, үөрэхтэрин) Россия «НТВ» ханаала төлөөбүт. Күн аайы бэлэмнэнии, араас спортивнай тренажердарга эрчиллии, бырайыак кыттыылаахтарын икки ардыларыгар футбол, о.д.а көрүҥнэр күрэхтэһиилэригэр кыттыы, онтон ордубут кэмҥэ куорат устун экскурсия – саха оҕотугар, биллэн турар, барыта интэриэһинэй.
“Хатаннар” бастакы туурга “Звери” бөлөх репертуарыттан “Районы – кварталы” ырыаны толорбуттарын тэлэбиисэринэн бары кэрэхсии көрбүппүт, истибиппит. Дьүүллүүр сүбэ баһыйар куолаһын ылан (Стас Пьеха эрэ кунуопканы баттаабатаҕа), салгыы кыттар кыахтаммыттара. Аны Россияны кытта ыаллыы сытар государстволар (ССРС урукку өрөспүүбүлүкэлэрэ) оҕолорун кытта тургутуспуттара уонна дьүүллүүр сүбэ бары куолаһын ылбыттара дьоһун ситиһии!
Икки ыйтан ордук кэм…
Икки ыйтан ордук кэм устата дойдуларыттан тэлэһийэ сылдьыбыт оҕолорбут, дьэ бүтэн, арыый да уоскуйан, ахтылҕаннаах дойдуларыгар көтөн кэллилэр. Киэҥ сиринэн ыллаабыт-туойбут, дойду биллиилээх артыыстарын, продюсердарын кытта чугастыы алтыспыт, айар үлэлэригэр үгүс сүбэни-аманы ылбыт уолаттар сөмөлүөттэн түһээт, тута “Саха-Медиа” мунньахтыыр саалатыгар суруналыыстары кытта көрүстүлэр, тус санааларын үллэһиннилэр.
– Киэҥ Россияҕа өрөспүүбүлүкэбит аатын дорҕоонноохтук ааттатар, биллэн турар, чиэс-бочуот. Ол эрээри дойдубут чэбдик салгынынан тыынарбытын, бэйэбит аспытын аһыырбытын, дьоммут-сэргэбит аттыгар сылдьарбытын, төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэрбитин олус суохтаатыбыт, – диэтилэр саханы ааттатан кэлбит “Хатан” уолаттара.
Салайааччыга махтанабыт!
Кинилэр уус-уран салайааччылара, энтузиаст-педагог Роман Гаврильевич Кысылбаиков киин иһинэн аныгылыы тыастаах-уустаах, тыыннаах муусуканы эрэ өрө тутар ансаамбылы тэрийбитэ хаһыс да сыла.
– Биһиэхэ ким баҕалаах бары кэлэн дьарыктанар, кимиэхэ да аккаастаабаппыт. Оҕолорум баяҥҥа, гитараҕа, саксофоҥҥа, охсор-тэбэр үнүстүрүмүөннэргэ барытыгар холкутук оонньууллар. Улууспутугар “Муусуканы – барыбытыгар” бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиир. Ол чэрчитинэн араас тэрээһиннэр, кэнсиэртэр, көрсүһүүлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар.
Бу оҕолорум “Хатан” ансаамбыл үһүс састааба. Уруккуларым саха дьонугар-сэргэтигэр “Саҥа ырыа” бырайыакка кыттыбыттарынан биллэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас куонкурустарга лауреат, дипломант аатын элбэхтик ылбыттара.
Ити курдук дойдуларыгар кэлбиттэриттэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт уолаттар билигин Үөһээ Бүлүү улууһун оскуолаларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ, сорохтор долгутуулаах биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Василий ИВАНОВ.