Нам улууһугар функциональнай многоборьеҕа саха спордун көрүҥнэрин киллэрбит «Хатан» кулууп салайааччыта Афанасий Назаров бу күннэргэ дьарыктарын сөргүтэр. Пандемия былааннаабыт үлэтин төһө да атахтаатар, РФ Президенин Гранын кыайыылааҕа туруоруммут соруктарын толорор санаалаах. Соторутааҕыта оҕолорго аналлаах биэс видеоуруок YouTube-ханаалга оҥорон укта. Тускутугар туһаныҥ!
Сахалыы спорт көрүҥнэрэ биһиги норуоппут барҕа баайа. Өбүгэлэрбит киһи этин-сиинин, күүһүн-күдэҕин бэйэтин айылҕатынан сөпкө сайыннарар үйэлэргэ муспут мындыр билиилэрин тутан хаалбыт дьоллоохпут. Дэлэҕэ даҕаны «Дети Азии» күрэххэ кыттыбыт өрөспүүбүлүкэбит оҕолорун сүүмэрдэммит хамаандаларын доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлии кэлбит Москва спортивнай быраастара ону бигэргэтиэхтэрэ дуо? Кинилэр саамай үчүгэй доруобуйалаахтарынан национальнай көрүҥнэринэн дьарыктанааччылары ааттыыллара.
Оттон кроссфит — аныгы көрүҥ. Бу спорду айбыт Америка исписэлиистэрэ киһи кыаҕа муҥура суоҕун, оттон организм сөптөөх дьарыктан туруга биллэ тупсарын дакаастаабыттара. Афанасий Саха сиригэр бу көрүҥү тупсарыыга, саҥа сүүрээни киллэриигэ бастакы холонууну оҥорбута — кэскиллээх дьыала! Баҕар бу саҕалааһын Россияҕа киэҥ биһирэбили, сэҥээриини ылыаҕа.
— Бырайыак олоххо киириитэ коронавирус пандемията мэһэйдээн, бытаарда уонна мөлтөөтө. Ол да буоллар кыралаан былааннаммыт үлэбитин ыытабыт. Тэрээһиннэри эһиилги сылга көһөрдүбүт. Билигин хас биирдии киһи доруобуйатын көрүнэрэ, иммунитетын бөҕөргөтөрө эти-хааны эрчийии хайаан да наада. Кроссфитка үчүгэйэ диэн туох да улахан инвентарьа, анал формата суох дьиэ усулуобуатыгар да дьарыктаныахха сөп. Атын көрүҥнэртэн уратыта диэн — түмүгэ таһыччы үрдүк, — диир Афанасий.
Кини кэпсииринэн көннөрү дьарыкка тутум эргиир эрчиллиилэрин киллэриэҕиттэн, дьарыктанааччылар санныларын, систэрин былчыҥнара имигэс буолбут. Штанга көтөҕөллөрүгэр саннылара кыайан сөпкө хамсаабатын көннөрбүт. Мас тардыһыы илии, сис, атах былчыҥнарын лаппа сайыннарбыт.
Ыстаҥа дьарыктанааччылар кылгас былчыҥнарын сайыннарбыт. Туумбаҕа тахсыыныы, миэстэттэн ыстаныылары тупсарбыт. Кылгас кэрчиккэ сүүрэргэ, эргиллэн кэлиилэригэр түргэн туттуу ирдэнэр. Маныаха хапсаҕай сымса оҥортообут. Онон саха спордун аныгытытан биэрдэххэ сайдар, саҥа саҕахтарга тахсар суолу кроссфит арыйар кыахтаах.
Бэйэ инф.