Аан дойдуга биир былыргы тылынан – саха тыла буолар. Төрөөбүт тылбыт олус баай, дириҥ ис хоһоонноох.
Сылын ахсын доудубутугар, олунньу ый 13 күнүгэр «Саха тылын уонна суругун» күнүн бэлиэтиибит. Онно анаан араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Холобур, биһиги оскуолабытыгар уопсай линейка, кылаас чаастара буоллулар. Онно биһиэхэ төрөөбүт тыл суолтатын туһунан кэпсээтилэр. Бу күн үөрэнээччилэр бары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэллэр. Көрөргө олус да кэрэ, үчүгэй.
Мин сахабынан киэн туттабын. Төрөөбүт төрүт тылбытын үөрэтиэхтээхпит, таптыахтаахпыт, харыстыахтаахпыт.
Сергеева Айыына, 5 кылаас
Сахалыы саҥа — сайдан истин. Биһиги төрөөбүт тылбытынан саҥарыахтаахпыт, кэпсэтиэхтээхпит. Саха тыла олус баай тылын бары билэбит. Кырдьык, ону саха суруйааччыларын улуу айымньылара туоһулууллар. Аҥардас олоҥхо айымньытын ылан көрдөххө, биир өйдөбүлү хас эмэ лиискэ суруйан дьүһүйүөхтэрин сөп. Саха тыла тыыннааҕын тухары, саха омуга умнуллуо, эстиэ суоҕа. Онон, саха тылын күнэ биһиэхэ ураты оруоллаах күн. Бу күн бары сахалыы тылы өрө тутабыт, үгэстэри үөрэтэбит. Хас биирдии омук бэйэтин историятын билиэхтээх, норуотунан киэн туттуохтаах.
Бурцев Айтал , 6 кылаас
Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэрэ
Уус-Алдан, Бороҕон