Тапталлаах миэстэ диэн киһиэхэ табыгастаах, сырдык уонна сылаас сир. Хаһан баҕар төннүөххүн баҕарар сириҥ, тоҕо диэтэххэ бу сири кытта араас үчүгэй сырыылар, санаалар сибээстээх буолуохтарын сөп. Ханнык баҕар сиргэ тапталлаах миэстэ диэн баар буолар. Биһиги Дьокуускай куораппытыгар араас элбэх дьоннорго өйдөнөн хаалар миэстэлэр бааллар. Ханнык сири куоракка саамай тапталлаах дии саныылларын интэриэһиргээн оҕолортон ыйыталастым.
Аэлита Брызгалова, Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын 11 кыл.: – Куоракка мин саамай сөбүлүүр миэстэм – Култуура уонна сынньалаҥ паарката буолар. Иллэҥ кэммэр онно чаастатык күүлэйдээччибин уонна ол сырыыларбыттан наар олустук астынааччыбын, сибиэһэй салгын, тыа, минньигэс саахардаах баата уонна попкорн сыта кэлэр. Улахан көлүөһэҕэ тахсан эргийэн хатааһылыырбын, куораты көрөрбүн сөбүлүүбүн, атын араас аттракционнарга эмиэ кыттааччыбын. Үксүн манна табаарыстарбытын кытта бара сылдьааччыбыт, пикник тэрийээччибит уонна айылҕалыын алтыһан, астынан аҕай кэлээччибит.
Дайаана Маркова, Дьокуускай к. 1 № оскуолата, 9 кыл.: – Мин таптыыр сирим — куораттааҕы Култуура уонна сынньалаҥ паарката. Мин санаабар, онно доҕотторбун кытта көрсөрбөр эбэтэр дьиэ кэргэммин кытта бары бииргэ сылдьарбытыгар саамай сөп миэстэ. Онно араас саастаахтарга аттракционнар бааллар. Аччыктаатахха фуд-кортка барыахха сөп уонна минньигэс сөбүлүүр талбыт аскын аһыаххытын сөп. Сороҕор араас тэрээһиннэр ыытыллааччылар, холобур, концертар, конкурстар, оонньуулар. Пааркаҕа дуоһуйа сынньаныахха сөп.
Настя Скрыбыкина, Дьокуускай к. 1 № оскуолата, 8 кыл.: – Дьокуускай куоракка саамай сөбүлүүр сирим Московская набережная буолар. Ити сири олус таптыыбын, тоҕо диэтэргин онно олус чуумпу, холку, киһи өйүн-санаатын сааһыланыан сөп, тугу эмэ былааннанаары гыннаххына эмиэ онно бараҕын. Онтон аһары бара турдаххына хачыаллар бааллар, онно кэпсэтэ-кэпсэтэ олоруохха сөп.
Олеся Маркова, Дьокуускай к. 33 № оскуолата, 8 кыл.: – Мин сөбүлүүр миэстэм – 203-с түөлбэ. Тоҕо диэтэххэ, онно элбэх арааһынай былаһааккалар бааллар, оҕолорго саамай сөп. Кафелар, рестораннар, маҕааһыннар араастара ол оройуоҥҥа бааллар. Түөлбэ бэйэтэ аныгылыы тутуллубут буолан көрөргө, күүлэйдииргэ астык баҕайы. “Зеленый город” диэн рестораҥҥа сөбүлээн сылдьааччыбыт.
Рома Брызгалов, Майа лиссиэйэ, 8 кыл.: – Мин саамай сөбүлүүр сирим дьиэм буолар даҕаны, “Doner 14” диэн аһыыр сири эмиэ талыам этэ. Ол үчүгэй шаурмалаах уонна чэпчэки сыаналаах донерная. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, онно саамай минньигэс шаурма астыыллар, наар сылдьарбын сөбүлүүбүн.
Оля Маркова, Айыы кыһата, 10 кыл.: – Дьокуускай куоракка мин сөбүлүүр миэстэм – Үрдэл паарка. Кини олус кыраһыабай айылҕалаах, сибиэһэй салгыннах. Мас оҥоһуктар бааллара астык. Тыастаах куоракка олорор буолан, итинник чуумпу миэстэҕэ тахса сылдьар олус үчүгэй.
Юлиана Маркова, Дьокуускай к. 33 №-дээх оскуолата, 5 кыл.: – Мин таптыыр миэстэм — куораттааҕы 33-c оскуола буолар. Тоҕо диэтэххэ, онно мин доҕотторум бааллар, үчүгэйдик үөрэтэр учууталлар, минньигэс астаах остолобуой баар. Бу сиргэ элбэх араас ахтар-саныыр түгэннэр буолбуттарын олоҕум тухары өйдүү сылдьыам. Бастакы кылаастан быһа ол оскуолаҕа үөрэнэ сылдьабын, ол иһин оскуолам иккис дьиэм курдук буолбута.
Көрөргүт курдук, оҕолор куораппыт араас сирдэрин туһунан суруйбуттар. Хас биирдии киһи олорор куоратыгар эбэтэр дэриэбинэтигэр бэйэтин таптыыр миэстэтин булуон баҕарабын. Тапталлаах миэстэ баара саарбаҕа суох. Баҕар дьиэ анныгар турар борустуой лааппы да буолуон сөп, эһиэхэ онно холку, үчүгэй буоллаҕына, сөбүлүүр сиргит да буолуон сөп.
Айсена Брызгалова, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
Дьокуускай куорат 1 №дээх оскуолата.