Билиҥҥи кэмҥэ фэн-шуй диэн үөрэх тарҕанан, сорох сэргээччилэр онон сирдэтинэн дьиэлэрин-уоттарын оҥостор буоллулар. Ханнык да кэмҥэ, хайа да омук буол, киһи баҕа санаата биир – чэгиэн сылдьыан, дьоллоох буолуон баҕарар.
Түҥ былыргыттан киһи-аймах кэтээн көрөн, көмөлөһөр күүһүн итэҕэйэн, ылыммыт, туттан кэлбит, тус бэйэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар куһаҕаннык дьайар, күүһүн өһүлэр хараҥа күүстэртэн харыстанар, көмүскэнэр, ис туругун, олоҕун үтүө өттүгэр хайыһыннаран тупсарарга – төрүөҕү, уйгуну-быйаҥы, байанайы, баайы-дуолу, бааты тардар үгэс буолбут ньымалардаах. Ол төрдө-төбөтө мифологияҕа, итэҕэлгэ олоҕурар. Иэгэйэр икки атахтаах харыстанар, көмүскэнэр уонна олоҕун уйгутун тупсарар ньымалара араас, ол, дорҕоон, тыас, айылҕа көстүүлэрэ – сир, уот, салгын, тимир, таас, үүнээйи, мас, кыыл-сүөл уҥуохтара, тыҥырахтара, тыл, ойуу, оһуор, киһи бэйэтэ илиитинэн оҥорбут ымыы оҥостор, харыстанар уонна сырдык күүһү тардар оҥоһуктара, сыт таһаарыы, сиэр-туом о.д.а.
Орто дойдуга саҥа киһи үөскээн-төрөөн кэлэригэр ийэ буолуохтаах хат дьахтары уонна кини оҕото олох олорор күүһүн иилээн харыстыыр эйгэни үөскэтииттэн саҕаланара. Тоҕо диэтэххэ, хат дьахталлар уонна кыра оҕолор – саамай уйан, чараас дьон буолаллар. Ол да иһин ийэ буолуохтаах дьахталлар аһыыр астарыттан, таҥнар таҥастарыттан саҕалаан харыстанар бүтүн кэлим үгэстээхтэрэ. Олортон саамай тэнийэн билиҥҥи кэмҥэ диэри тутуһуллар үгэстэртэн эттэххэ, хат дьахтар төһөҕө да тыатааҕы этин сиэ суохтаах, киҥнээх оҕо төрүө. Сүрэхтэммит аһын сиэхтээх – этигэр-хааныгар наадалаах. Баайыа суохтаах – оҕото киинигэр эриллиэ. Киһини көмүүгэ мээнэ сылдьыбат – киртийиэ суохтаах. Медицина суох үйэтигэр оҕо өлүүтэ сахаларга элбэҕэ. Ол да иһин былыр саҥа төрөөбүт кыһыл оҕону көстүбэт хараҥа күүстэртэн харыстаан, суолун муннаран, хотон түннүгүнэн таһаарыы, оҕо турбат ыала оҕолорун бороохтуйуор диэри ыалга ииттэриилэрэ, көстүбэт күүстэр ымсыырбаттарын курдук, кыыһа-уола биллибэт гына аат биэрии баара.
Түҥ былыргы иудейдар Лилит диэн абааһы оҕолорго саба түспэтин диэн оҕо сытар сирин миэлинэн сурааһыннаан иилээн кэбиһэллэр эбит. Былыргы Грецияҕа саҥа төрөөбүт оҕолорго аметистан оҥоһуллубут ымыыны кэтэрдэллэрэ. Казахтар оҕо кыратыгар эриэн үөн киирбэтин диэн ытарҕа кэтэрдэллэр эбит.Онтон сахалар дьайаа диэн ааттаан хахай бэлиэтин оҥорон оҕо таҥаһын иһигэр туора тыынтан харыстаан тигэллэрэ. Оҕо утуйар сирин үрдүнэн эһэ тыҥыраҕын, эбэтэр тыҥырахтаах көтөрдөр тыҥырахтарын хара күүстэртэн тэйитэр сыаллаах харысхал бэлиэтин быһыытынан ыйыыллара. Дьахтары, эр киһини, оҕону харыстыыр ньымалар, бэлиэлэр тус-туспалара, ол эрээри икки атахтаахха барытыгар анаммыт ньымалар, бэлиэлэр эмиэ бааллара.
Киһи олоҕун кэрдиистэригэр, дьиэҕэ-уокка, сиргэ-дойдуга, дьарыкка-идэҕэ сыһыаннаах харыстыыр, көмүскүүр үгэстэр, ньымалар, бэлиэлэр, сиэрдэр-туомнар диэн эмиэ арахсаллар. Киһи бэйэтин этигэр-сиинигэр сыһыаран кэтэ сылдьар, эбэтэр дьиэтин-уотун көмүскүүргэ таастары, кыыл-сүөл тииһин, тыҥыраҕын, уҥуоҕун үүнээйилэри, мастары туттар. Олоҕун тупсарыыга таттарара: баайы-дуолу, тапталы, төрүөҕү, эбиллиини, дьиэ кэргэҥҥэ бигэ олохтонууну, идэҕэ ситиһиини, эти-сиини, өйү-санааны бөҕөргөтүнүү буолар.
Хас биирдии омук көрүүтэ, итэҕэйэн ылыныыта олорор айылҕатыттан, олорон кэлбит историятыттан, мунньуммут уопутуттан, усулуобуйатыттан, дьарыгыттан тутулуктанан араастаһар, ол эрээри киһи-аймах тэҥинэн ылынар бэлиэлэрдээх. Ол курдук өҥнөрү ыллахха, хара өҥ – сир, буор өҥө, кыһыл – хаан, олох бэлиэтэ, от күөҕэ – уоскулаҥ, уйгу бэлиэтэ, халлаан күөх – өй-санаа бэлиэтэ. Оттон геометрическай бэлиэлэр өйдөбүллэрэ бары омукка сөп түбэһэр: төгүрүк бэлиэ – олоххо, айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьүөрэлэһии, түөрт муннук – айылҕа түөрт көстүүтэ – сир, уус, уот, хайа – бигэ турук бэлиэтэ, сөптөөх быһаарыныыны ыларга көмөлөһөр, үс муннук – атын күүстэри кытта ситимнэһэр күүс, ону тэҥэ үүнүү-сайдыы бэлиэтэ, ньолбуһах бэлиэ (0) – бары кыһалҕалартан таһаарар, саҥа эргиири саҕалааһын.
Аал Луук мас – мировое дерево, бары норуот культуратыгар баар. Кириэс – туора бэлиэ – күүстээх харысхал. Үгүс итэҕэлгэ кириэс туттуллар, көрүҥэ элбэх. Сахалар түҥ былыргыттан туора бэлиэни тутталлар. Арыы таптайдахтарына, хараҥа күүс сыстыбатын диэн тарбахтарынан туора бэлиэтин тардаллар. Таҥха кэмигэр тымтык тыыран, ааннарын, түннүктэрин үрдүнэн туора бэлиэтин саайаллар, маллаах иһит баайыгар-дуолугар атын күүстэр ымсыырбатыннар диэн туос иһиккэ туора бэлиэтин тигэллэрэ. Аан дойду улахан итэҕэллэригэр икона, Таҥаларалар мэтириэттэрэ, сибэтиэйдэр мөссүөннэрэ, кинилэр уҥуохтара харыстыыр, көмүскүүр, араҥаччылыыр суолталаахтар. Холобур, Христианнарга Христос, Дева Мария, Николай Чудотворец, бары архаанньаллар, сибэтиэйдэр иконалара, буддистарга Будда статуялара. Мусульманнарга Фатима хараҕа туора харахтаахтан, быһа көрүүттэн, иҥсэттэн, коррупцияттан, бары мөкү дьайыылартан харыстыыр диэн. Ол иһин ислам итэҕэллээхтэргэ, ордук Турцияҕа харахтаах харысхал бэлиэтэ күүскэ тарҕаммыт. Каббалистар кыһыл сабы илиилэригэр баанар үгэстээхтэр. Сорох омуктар суругунан, хайаҕа уруһуйдарынан харысхал бэлиэлэрдээхтэр. Скандинавтар руна харысхаллаахтар. Мусульманнар ытык кинигэлэрэ Коран сураларын уонна аяттарын күүстээх харысхалынан билинэллэр. Кытайдар иероглиф суруктара көмүскүүр суолталарын өрө туталлар.
Сахалар тыл иччитигэр сүгүрүйэбит. Ол иһин өбүгэлэрбит тылга-өскө улахан суолтаны уураллара, айахха киирбиччэ чабыланары, тылга тииһэри сөбүлээбэттэрэ, буойаллара. Тыл күүһүнэн көҕөрөн турар маһы өлөрүөххэ, эбэтэр өлөн эрэр маһы көҕөрдүөххэ сөп диэн итэҕэйэллэрэ. Ол иһин сиэр-туом алгыс, арчы тылын күүһүнэн арыалланара. Малга-салга тылы иҥэрэн иччилииллэрэ. Баайдар кылааттарын кистииллэригэр тыл этэн, иччилээн баран кистииллэрэ. Ону барытын, этиллибит тыл күүһэ ситэрин, сэттээҕин дьэҥкэтик өйдүүллэрэ.
Саха олорор дьиэтэ-уота, балаҕана хатаммат этэ эрээри, уоруу диэн суоҕа. Нууччалар дьиэ аанын үрдүгэр дьолу тартын диэн боккуобу саайаллара, кэлин сахаларга эмиэ киирбит. Хайа да омук аан боруогун суолтатын – таһы уонна иһин, икки эйгэни араарар кыраныысса быһыытынан өйдүүр буолан, боруок нөҥүө кэпсэтии, тугу эрэ ылсыы-бэрсии бобуулааҕын тутуһар. Талах миинньик көннөрү бөҕү-сыыһы эрэ сиппийэр буолбатах, чараас эйгэни ыраастыыр суолталаах. Нууччалар уоттаах харахтаах көрбөтүн диэн миинньиги кэннилэригэр быраҕаллара, ыарыһах, ньүдьү-балай дьон кэлэн барбыттарын кэннэ суолларын ыраастаналлара. Сахалар былыр аһара баран, дэлэҕэ талаҕынан таһыйан, мунньуллубут хара күүһүн таһааран, моһуоратын көннөрүөхтэрэ дуо. Сахаларга миинньиги ааны туора сытыарыы, киһи чараас эйгэҕэ кирин ыраастыыр суолталаах. Онтон аан таһыгар туоруоруу харабыллыыр суолталаах.
Харысхал бэлиэлэрэ, ньымалара – киһи олоҕун харыстыырга, тупсарарга туһаайыллаллар, эбии күүс биэрэллэр. Куһаҕаны тэйитэр, киһи дьылҕатын үтүөҕэ, саҥа суолга туһаайар аналлаахтар. Ол туһунан кэлэр нүөмэрдэргэ салгыы сырдатыахпыт.
Валентина Бочонина, суруналыыс.
Прокопий Федоров уруһуйа.