Дүпсүн орто оскуолатыгар, биир сонун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, оскуолабыт выпускницата, Арктическай институт 3 кууруһун устудьуона Снежана Бурцева биһиги оскуолабытыгар практика кэмигэр араас тэрээһиннэри ыытта. Снежана бүгүҥҥү «Жизнь в картине» бырайыага сэргэх, сонун тэрээһининэн буолла. Тэрээһин нуучча педагога, суруйааччы, Россия научнай педагогикатын төрүттээччи Константин Дмитриевич Ушинскай 200 сылыгар ананна.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар биир бастыҥ үөрэнээччи, активистка, творческай талааннаах, үгүс элбэх ситиһиилэрдээх Снежана Бурцева бэйэтин талаанын, дьоҕурун сайыннаран культура үлэһитин идэтин баһылаан эрэриттэн наьаа астынныбыт, үөрдүбүт. Режиссер быһыытынан оҕолору араас хайысханан сайыннарар, интэриэһиргэтэр тэрээһиннэри, кылаас чаастарын ыыппыта хас биирдии үөрэнээччигэ, учууталга, төрөппүккэ умнуллубат түгэнинэн буолла. 1 кылаастан саҕалаан 11 кылаастарга дылы талбыт хартыыналарынан оголор кыракый сценкалары көрдөрдүлэр. Сценкаларын көрдөрөн баран бүтүүтүгэр хартыына буолан турдулар. Хас биирдии кылаас олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн, көхтөөхтүк кытыннылар. «Бастыҥ актер”, “Бастын сценарий”, “ «Бастын режиссерскай үлэ” диэн анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук, бастын артыыстарынан буоллулар Анетта Сыроватская (3 кылаас), Дима Сыроватскай (8 кылаас) уонна Замира Сивцева(9 кылаас). Уопсай түмүккэ хартыынаны бары критерийгэ эппиэттиир, сөптөөх атрибуттары туттан-хаптан итэҕэтиилээхтик көрдөрбүт кылаастар инники таҕыстылар: алын сүһүөх кылаастарга 3 кылаас (сал.Бурцева Л.П.), орто сүһүөххэ 8 кылаас (сал.Нестерова О.Н.) уонна улахан кылаастарга 11 кылаас (сал.Алексеева М.И.)
Оскуолабытыгар өссө биир сонун тэрээһин буолбутуттан наьаа астынныбыт, үөрдүбүт. Бу тэрээһинтэн, урукку кэмнэри көрдөрөр хартыыналары көрөн элбэҕи биллибит — көрдүбүт.
Милена Акимова, 10 кылаас,
Дүпсүн, Уус Алдан