Харчы диэн тугуй? Туохха наадалааҕый? Тоҕо бары харчыны туттабытый? Ити туһунан, Үөһээ Дьааҥы улууһун Адыаччытааҕы “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ санааларын үллэстэллэр.
Ян Слепцов, 8 саастаах:
Харчы диэн табаары атыылаһар бэлиэ. Харчы Сбербааҥҥа уонна да атын бааннарга баар. Харчыны үлэлээн ылаллар. Холобур, таксилаан, суоппардаан, атыыһыттаан. Киһи харчыта суох сатаан олорбот.
Николина Петрова, 7 саастаах:
Ийэлэрбит, аҕаларбыт, эбээлэрбит, эһээлэрбит харчыны үлэлээн ылаллар – ол аата хамнас диэн. Ол харчынан уоту, төлөпүөнү, интэриниэти төлүүбүт, аспытын атыылаһабыт.
Диана Алексеева, 7 саастаах:
Харчы олус суолталаах. Харчы баар буоллаҕына тугу баҕарар атыылаһыахха сөп. Үлэлиир эрэ дьоҥҥо баар. Харчыны сөпкө туһанарга төрөппүттэр оҕолору үөрэтиэхтээхтэр.
Богдан Слепцов, 7 саастаах:
Үлэлээтэххинэ элбэх харчылаах буолаҕын. Ас-үөл арааһын атыылаһаҕын, уоту төлүүгүн.
Дайаана Потапова, 7 саастаах:
Кумааҕы, тимир харчы диэн баар. Үлэлээтэххинэ харчыланаҕын. Мин улааттахпына элбэх харчыланыам этэ. Харчыны харыстааҥ, туһаҕа таһаарыҥ, сөпкө туһаныҥ.
Алмаз Аммосов, 8 саастаах:
Харчыны харчы фабрикатыгар оҥороллор. Онно анал кумааҕыны кырыйар, кырааскалыыр тэрил баар. Туспа матырыйаалынан бүрүйэллэр. Харчынан эмп, дьиэ, массыына атыылаһаҕын.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Нюргуяна Захарова, Надежда Сидорова.