Ааспыт өрөбүллэргэ Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугар икки күн устата Пионерия тэриллибитэ 100 , өрөспүүбүлүкэ 100 сылларыгар аналлаах туризм күнэ ыытылынна.
Бастакы күн алын сүһүөх үөрэнээччилэр сынньалаҥ пааркатыгар күрэхтэспиттэрэ. Туризм сатабылын араас көрүҥүн саҥа үөрэтэн, күрэхтэргэ бэркэ кытыннылар.
Иккис күн V-X кылаас үөрэнээччилэрин кытта лицей бөлөхтөрө эмиэ күрэхтэстилэр. Туризм күнэ пионерскай хаамыынан, речевканан, ырыанан уонна рапорынан саҕаланна. Мэһэйдэрдээх сиринэн күрэх, мышеловканы ааһыы, бастакы көмөнү оҥоруу, ориентирование, рюкзагы хомуйуу курдук күрэхтэргэ оҕолор үөрэ-көтө күрэхтэстилэр, араас сатабыллары баһылаабыттарын анал судьуйалар сыаналаатылар. Бу күрэх хамыыһыйатын салайааччытынан бэтэрээн учуутал РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Галина Григорьевна Сорова олус бэриниилээхтик, бэйэтин тула физкультура учууталларын, маастардары, учууталлары түмэн үлэлэттэ.
Хамсык иннинэ сылын аайы кэриэтэ ыытыллар туризмы оҕолор ахтыбыттар, астынан аҕай, сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэллилэр. Повардарбыт минньигэс аһынан аһатан, оҕолортон махтал бастыҥын ыллылар. Уопсай тэрээһини холбоһук дириэктэрэ Владимир Владимирович Кривошапкин үрдүк таһымҥа тэрийбитин бары астына бэлиэтээтилэр.
Валентина Кривошапкина, Харбалаах