Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит.
2 кылаас үөрэнээччилэрэ «Умнума, эн саха буоларгын» хоһоонунан тэрээһини арыйдылар. Онтон 9 кылаас үөрэнээччилэрэ Анджелия Слепцова уонна Айсен Бястинов бу күн суолтатын туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Саха тылын учуутала В.С. Кривошапкина бэйэтэ бэлэмнээбит презентациятынан Өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэр тустарынан кэпсээтэ. Тэрээһин түмүгэр Сайа тылларыгар, А. Файрушина матыыбыгар «Сахам сирэ» ырыаны бары сүһүөхпүтүгэр туран ыллаатыбыт. Алтыс уруок кэнниттэн история учуутала А.Д. Соломонова салайыытынан тохсус кылаастар «Өрөспүүбүлүкэ устуоруйатын төһө билэҕин?» квест-оонньууну станцияларынан оонньоппуттарын олус сөбүлээтибит. Эрдэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах оһуокай буолбута.
Сахабыт сирэ сайда турдун!
Лейла НИКОНОВА, 7 кылаас, Харбалаах.