Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үгэс буолбут күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытылынна. Хас биирдии кылаас оҕуруот аһыттан ас-астаан атыылаатылар. Дьыл күһүҥҥү кэмигэр сыһыаннаах араас куонкурустар ыытылыннылар.
Дьаарбаҥка кэнниттэн бэһис кылаастары орто сүһүөххэ тахсыбыттарынан чиэстээһин үрдүк таһымҥа ааста. Тэрээһин туһунан учууталлар санааларын билиһиннэриэм.
СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Викторовна Блахирова: «НаҺаа үчүгэй тэрээҺин буолла! Оҕолорбут, төрөппүттэрбит барахсаттар баҕа баһаам, кылаас салайааччылара маладьыастар! Улахан кылаас оҕолоро наһаа үчүгэй көхтөөх түмсүүлэммиттэр дии! Барыта үчүгэй!».
АБ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ И.Р. Бястинова: «Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Кылаастар бары бииртэн биир киһи көрөн сөҕөр гына үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Аны күһүҥҥү ас быыстапкатын тэрийдилэр. Бэһистэри чиэстээһин кэмигэр оҕолор уҥкүүлэрэ үчүгэйин, наһаа сэргэх оонньууну тэрийдилэр. Киһи үөрэр. Маладьыастар!».
Иитэр үлэни тэрийээччи Варианна Васильевна Макарова: «Дьиэ кэргэн» уонна «Оҕо саас» сылыгар аналлаах «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!» дьаарбаҥка-быыстапканы бары кылаастар, кылаас салайааччылара,төөрөппүттэр бэркэ бэлэмнэнэн тэрийдилэр. Оскуола оҕолоро уонна төрөппүттэр бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьаарбаҥка киэргэтиитэ — араас интэриэһинэй тиэмэлэрдээх, ураты уран оҥоһуктардаах, бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруоттарын аһын кэккэлэттилэр, ону таһынан, ас арааһын астаан, көрдөрүүгэ туруордулар уонна атыылаатылар. Оҕо общественнай хамсааһына «Орто Амма Кэскилин» актыбыыстара бу дьоро күнү тэрийэн ыыттылар. Бэйэлэрэ музыкальнай эҕэрдэлэрин үҥкүүнэн, гитараҕа ыллаан, көрдөөх оонньуулары тэрийэн ыытан, киэргэттилэр. Кыттыылаахтарга бэйэм дириҥ махталбын тириэрдэбин!».
Ити курдук, биһиги холбоһукпутугар үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал кыттыылаах араас үчүгэй күннэр элбэхтик буолаллар.
Лейла Никонова, 8 кылаас үөрэнээччитэ,Таатта, Харбалаах.