Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах араас тэрээһиннэр бииртэн-биир солбуһан ыытылла тураллар.
Ол курдук, Ийэ тыл күнүгэр аналлаах «Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?» диэн дьиэ кэргэн олимпиадата ыытыллыбыта, онно барыта 63 ыал кыттыбыта. Онтон олунньу 13 күнүгэр «Таптыыр сахам тыла барахсан!» диэн дьиэ кэргэттэр икки ардыларыгар ТОК-оонньуу ыытыллыбыта. Онно хас кылаас аайыттан биирдии дьиэ кэргэн кыттан, төрөөбүт тылы төһө билэллэригэр күрэхтэспиттэрэ. Түмүгэр, Анджелия, Диана, эбэлэрэ Мария Степановна Слепцовтар дьиэ кэргэн кыайыылаах буолбуттара.
Онтон бу күннэргэ оскуолабытыгар дьиэ кэргэттэр хаартыскаларын галереята тэрилиннэ. Онно бүгүҥҥү күҥҥэ 43 ыал хаартыската баар буолла. Оҕолор атын ыаллар аҕалбыттарын көрөн, күннэтэ эбии аҕалан иһэллэрэ үөрүүлээх. Бу хаартыскалары көрөр хайдах эрэ бэйэҕэ эппиэтинэһи үрдэтэр. Ону таһынан, ийэлээх аҕабыт биһигини кытта тэҥҥэ сылдьалларын курдук саныыр эбиккин. Бу сыл устата галереябыт кэҥээн, үөрэнээччилэр сөбүлээн мустар истиҥ сирдэрэ буола туруон баҕарабын.
Лейла Никонова, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7 кылааһын үөрэнээччитэ.