Бэҕэһээ Таатта улууһун Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга нэһилиэккэ саха чулуу уола Былатыан Өлөксүөйэбис Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах уон хонуктаах айымньылаах үлэтин тэрээһинин чэрчитинэн дьоро киэһэни тэрийэн тэрийэн ыыттыбыт. Нэдиэлэ устата кылаастарынан «Ойуунускайтан холобур ылабыт!» төгүрүк остуоллар, «Оҕо куйуурдуу турара» киинэни көрөн ырытыһыы, «Мин Ойуунускайым» ток оонньууга, айымньыларын көрдөрүүгэ бэлэмнэнии, уоскулаҥ кэмигэр айымньыларын радионан истии тэрилиннэ. Оскуола библиотекара М.С. Попова баай ис хоһоонноох быыстапкалаах библиотека уруоктарын тэрийэн ыытта.
Уонна нэһилиэккэ тахсан үлэни түмэн көрдөрүү дьоро киэһэтэ тэрилиннэ.
- Эмилия Федорова 9 кылаас үөрэнээччитэ «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» кинигэ туһунан дакылаат оҥордо.
- 5-11 кылаастар үллэстэн, хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан, кэпсээннэрин инсценировкалаан көрдөрдүлэр, 8 кылаас оҕолоро «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдилэр.
Иккис чааһынан «Мин Ойуунускайым» ток күрэх буолла. Онно үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар икки хамаандаҕа хайдан күрэхтэстилэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр кэпсээннэринэн инсценировка күрэҕэ буоларыгар күүстээх бэлэмнэнии бара турар.
Валентина Кривошапкина, Таатта, Харбалаах