Кыайыы диэн тыл сүрэҕи өрүкүппүт, эрэли үөскэппит, үтүөнү түстээбит бэлиэ тыл!
Улуу Кыайыы күнүн көрсө Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үгүс тэрээһин ыытылынна.
Ол курдук, кылаастар сыһыарыылаах ытык сирдэрин ыраастаатылар, нэһилиэк субботниктарыгар кытыннылар, бэтэрээннэргэ көмөлөстүлэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы акцияларга «Окна Победы», «Өлбөт-сүппэт полк», «Письмо солдату» барытыгар кытынныбыт.
Оскуола музейын салайааччыта В.В. Блахирова салайыытынан бэтэрээннэргэ аналлаах стенд сөргүтүлүннэ, СВО-ҕа кытта сылдьар 20 хорсун биир дойдулаахтарбытыгар сурук суруйдубут.
Кылаастарынан сыһыарыылаах бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлээтибит. 4 кылаас хоһоонньуттара тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ А.Г. Колодезниковаҕа Е.Т. Протопоповаҕа сылдьан, эҕэрдэлээтилэр, «Кыайыыга-эҕэрдэ!» хоһооннорун ааҕан, сэргэхситтилэр. Кинилэри К.И.Старостина, В.С.Кривошапкина бэлэмнээбиттэрэ. «Ини-бии Мординовтар» түмэл салайааччыта С.А. Васильева «Уроки мужества»ыытта.

Быйыл оскуоланы бүтэрэр Ария Трофимова «Полка добра ветеранам» акцияны олохтоох «Кэскил» маҕаһыыҥҥа тэрийбитигэр үгүс киһи кыттыста. Бу бэлэхтэри «Кыайыы күнүнэн» бэтэрээннэргэ үөрдэ-көтүтэ тиксэриэхтэрэ.
Ити курдук, үлэни уонна үөрэҕи тэҥҥэ тутан, бэтэрээннэргэ сүгүрүйэ-махтана Кыайыы күнүн көрсөбүт. «Бары баҕа санаабыт: сэрии суох буоллун! Эйэлээх олох түстэннин!», — диэн.
Лейла Никонова, 7 кылаас, Харбалаах.