I кистэлэҥ: Түүҥҥү түннүк кистэлэҥэ
Күннэй түүн аайы түннүгүн сабыытын аһаҕас хаалларар идэлээҕэ, ону ааһан эбии хараҥа түннүгү одуулуурун сөбүлүүрэ.
Биир киэһээ түннүгүн иннигэр эргичиҥнии туран, эмискэ туох эрэ атын, киһи хараҕар көстүбэт, киһи этэ тардар күлүгүн көрөн этэ саласпыта. Бүгүн кини түннүгүн сабыытын сабан утуйда. Арай түүн ортото баттатан уһуктубута, ким эрэ кинини хараҥа түннүгүнэн одуулуур курдуга. Сыта түһэн баран, түннүгүн диэки хайыспыта доҕоор, арай хап-хара күлүк кини хоһун иһигэр киирэн турар эбит! Ол хара бэкир: «Тоҕо түннүгүн сабыытын сабаҕыный, мин эн сырдык олоххор ымсыыран, түүн аайы кэлэн маныырым, эйигинниин миэстэбин атастаһыам этэ, эн хараҥаны сөбүлүүбүн диир этин дии, чэ, хайыыбытый?», — диэтэ. Кыыс сарылыы түһээт оронугар олоро биэрдэ. Бу күнтэн ыла таһырдьа хараҥарда да түннүгүн сабар идэлэммитэ.
Онон түүҥҥү хараҥаны түннүгүнэн одуулуур сэрэхтээҕин, табыгаһа суоҕун оҕолор өйдүөхтээххит.
II кистэлэҥ: Эмтэрийбит сиэркилэ сэрэтиитэ
Биир дэриэбинэҕэ Нарыйаана диэн кыыс олорбут. Бу кыыс сотору-сотору сиэркилэҕэ көрүнэр идэлэммит. Ол дьарыга содуллаах буоларын кыыс билээхтээбэт эбит. Кини биирдэ ыаллыы олорор аймахтарын эргэ сарайдарыгар наһаа үчүгэй сиэркилэни булбут. Сиэркилэ кытыытынан эмтэрийэн алдьаммыттаах эбит.
Нарыйаана кыыс үлэтин быыһыгар, оннооҕор оонньуу сылдьан наар сиэркилэҕэ көрүнэ сылдьыбыт. Арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ, сирэйэ бүтүннүү эбиринэн бүрүллэн барбыт, кыламана убаабыт, кэрэ бэйэлээх дьүһүнэ кубарыйан бараахтаабыт.
Биир киэһээ «Туох буоллахпыный?» диэн толкуйга ыллара сытан утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, сып-сылааһынан сыдьаайбыт, киэҥ нэлэмэн алаас ортотугар хаама сылдьар эбит. Арай көрдөҕүнэ, сыыр быарыгар кини сиэркилэтэ кылбачыйа сытар эбит. Сүүрэн тиийэн ылыах буолбута, тарбахтарын быыһынан хара уу буолан сиргэ түспүт, үөн-көйүүр буолан буорга тимирбит. Эмискэ иннигэр, хантан кэлбитэ биллибэккэ, хатыҥ маска суор кэлэн олороот субу курдук сонуннаах буолбут: «Нарыйаана, эн аньыылаах-харалаах атын дьон малын ыйыппакка ылбыккын, алдьаммытын, мэҥнэммитин үрдүнэн мал оҥостубуккун. Ол иһин кэрэ сэбэрэҥ сиэркилэҕэ саспыт, күн аайы эн дьүһүҥҥүн кэбирэтэ эмэр. Өскөтүн, барытын урукку курдук төннөрүөххүн баҕардаргын, биир чаҕылхай күн эрдэ туран, булбут сиргэр илдьэн төттөрү уураар», — диэбит уонна туман буолан көтөн хаалбыт.
Нарыйаана сарсыарда эрдэ турда. Бары утуйа сыталлар. Таһырдьа үрүҥ күнү уруйдаан күөрэгэй дьырылыы көтөр. Кыыс сып-сылаас кирилиэһинэн оргууй түһэн, сииктээх сымнаҕас окко ойуоккалыы хаамта. Түүлүгэр көстүбүт суор сүбэтин ылынан, алҕаһын көннөрөн, сиэркилэни төттөрү миэстэтигэр уурда.
Дьэ, ол күнтэн ыла барыта оннугар төннүбүт, кэрэчээн сэбэрэтэ уруккутугар түспүт. Оҕолоор, билбэт малгытын ыйыппакка ылымаҥ, эргэ мэҥнээх, эмтэрийбит сиэркилэлэргэ көрүнүмэҥ.
Ааптар Мусьяна Сосина, Сыымах, Мэҥэ Хаҥалас,
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова, Надежда Сидорова,
Худуоһунньук Алена Арсентьева,