Биһиги оскуолабытыгар үгэс буолбут тэрээһиммит – Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, общественнай уонна государственнай деятель Василий Васильевич Скрябин аатынан улууска ыытыллар “Мин – Баһылыкпын” дьыалабыай оонньуу оскуолатааҕы түһүмэҕэ буолан ааста.
Оонньуу сыала-соруга: уол оҕону сахалыы сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы, улууспут, дойдубут инники салайар үлэҕэ дьоҕурдаах ыччатын бэлиэтээн көрүү, төрөөбүт дойдуга үтүө сыһыаҥҥа, тапталга иитии. Бу күрэххэ VIII уонна X кылаас уолаттара кыттыыны ыллылар.
Күрэх 4 түһүмэҕинэн ыытылынна: «Удьуор утума» – кыттааччы төрдүн-ууһун билиһиннэрэр; «Өркөн өй» блиц-ыйытыыларга хоруй; «Төрөөбүт дойдубун таптыыбын» дьыалабыай оонньуу; «Айыы умсулҕана».
Дьүүллүүр сүбэҕэ Хаптаҕай нэһилиэгин солбуйааччы баһылыга Георгий Никифоров, Хаптаҕай орто оскуолатын Аҕа сүбэтин чилиэнэ Николай Попов, оскуола дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы Мария Кривошапкина, «Мин баһылыкпын-2024» оскуолатааҕы түһүмэх кыайыылааҕа Эрчим Жирко, «Пульс» оҕо тэрилтэтин чилиэнэ Ваня Егоров үлэлээтилэр.
Оонньуу түмүгэр «Кылаан чыпчаал» аатын VIII кылаас үөрэнээччитэ Витя Адамов сүктэ. 1 миэстэ Сарыал Васильев, 2 миэстэ Айгылаан Кычкин, 3 миэстэ Айгылаан Алексеев буоллулар.
Юра Сидоров – «Саҥа аат», Ренат Васильев – «Ылыннарылаах тыллаах», Слава Никифоров – «Өркөн өй», Булат Слободчиков «Хомоҕой тыллаах», Айыллаан Блинов – «Удьуор ууһун салҕааччы» , Айсен Дайбаныров – «Дьулуур» анал аат кыайыылааҕа буоллулар.
Кыайыылаахтар оскуолаларын чиэһин кустовой методическэй холбоһук таһымыгар оскуолабыт чиэһин көмүскүү барар эппиэтинэһи сүктүлэр.
Василена ДМИТРИЕВА, Х кылаас, «Кустук» студия юнкора,
Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас