Гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай орто оскуолатыгар Хомус күнэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.
Сахабыт сирин маанылаах инструмена Хомус күнэ оскуолабытыгар сарсыарда 8 чаастан саҕаланна. Ол курдук, оскуолаҕа киирээт хомус тыаһыгар уйдаран кылааска үөрэнэ киирдибит. Көрүдүөргэ перемена аайы виртуоз-хомусчуттар Олена Уутай, Николай Евсеевич Жирков, Айсен Аммосов, оскуолабыт хомусчуттара хомуска оонньууллара көрүдүөргэ көстө, иһиллэ турда. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, учууталлар бу күн бары сахалыы таҥастаах кэллилэр, ким хомустаах хомустарын тута сылдьаллар, учууталлар хосторуттан хомус тыаһа иһиллэр — бу барыта хайдах эрэ өрө көтөҕүллүүнү үөскэттэ.
Үһүс уруок кэнниттэн саалаҕа Хомус күнүгэр аналлаах линейка буолла. Саха сирин былааҕын таһаарар чиэс саха тылын уопуттаах учууталыгар Колесова Анастасия Андреевнаҕа бэрилиннэ.
Хомус күнэ ылыллыбытын, хомус туһунан дириэктэр сүбэһитэ Айталина Семеновна Егорова кэпсээтэ, салгыы 2 кылаас үөрэнээччилэрэ учууталлара Давыдова Нюргуяна Николаевнаны кытары хомуска оонньуурга маастар-кылаас биэрдилэр уонна саалаҕа мустубут үөрэнээччилэр, учууталлар бары бииргэ хомуска оонньоотубут, онтон бары баҕа санаа саламатын ыаҕайалаах ситиигэ баайдыбыт.
Хомус күнэ олус интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык ааста.
Василена ДМИТРИЕВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Кустук» медиа-студия, Хаптаҕай орто оскуолата.