1900 сыл сэтинньи 8 күнэ Хаптаҕай олохтоохторугар историяҕа киирбит күнүнэн буолар. 120 сыл анараа өттүгэр «Түннүк анна» диэн сиргэ, Огдорооҥҥо К.И. Ларионов дьиэтигэр маҥнайгы оскуола аһыллыбыта. Биир кылаастаах церковно-приходской оскуолаҕа духовнай семинарияны бүтэрбит А.Ф.Силин ананан үлэтин саҕалаабыта. Ол кэмтэн ыла оскуола үүнэн-сайдан, араас кэрчиктэри ааһан, иитэр-үөрэтэр үлэни кыайа-хото тутан үлэлээн кэллэ. Киэн тутта ааттыыбыт оскуолабытыгар үлэлээбит үтүөкэннээх учууталларбытын: Н.Е. уонна П.Н Самсоновтары, Л.Н.Харитоновы, В.В.Назаровы,Н.В. Егоровы, М.Е.Попову, Е.С.Оконешникованы, К.М.Орлованы, В.Е.Орлову, Е.Н.Назарованы уо.д.а.
Оскуолабыт саҥа педагогическай технологияны олоххо киллэриигэ утумнаахтык үлэлээн кэллэ. Ол курдук, ЯНОПШ – саха оҕолорун нуучча тылынан үөрэтии, үлэнэн иитии, духовность предметин киллэрии, сайыннарыылаах үөрэҕи өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан олохтооһун, омук тылын бастакы кылаастан үөрэтии…
Күн бүгүн баай историялаах, үтүө үгэстэрдээх оскуолабыт агрошкола статуһун ылан, аныгы үөрэҕирии ирдэбиллэринэн ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, сырдыгы сыдьаайа олорор. Тапталлаах оскуолабыт, өссө да үүнэ-сайда, барҕара тур!