Үгүс оҕо экзамен буолуон иннинээҕи күн утуйбакка эрэ түүннэри бэлэмнэнэр үгэстээх. Ол сыыһа. Биирдэ эмэ оннук түгэҥҥэр өйдөөн көрөөр эрэ — тугу эрэ ааҕа сатыыгын да, олох атыҥҥа аралдьыйа турар эбиккин: остуолуҥ үрдүгэр турар оонньууру тыытаҕын, сотору-сотору ватсапкын ааҕаҕын, инстаграмҥын көрөн ааһаҕын… Ити аата, эн наһаа сылайанҥын, мэйииҥ үлэтэ мөлтөөбүт, тугу да толкуйдуоххун баҕарбат буолбуккун.
Итинник илистиэххэ диэри сордоммот туһуттан, барытын эрдэттэн былааннаан дьарыктаммыт ордук.
Бу сүбэлэр туһалыахтара:
- Бастатан туран, үлэлиир миэстэҕин оҥоһун. Бэйэҥ хостоох буоллаххына, эркиҥҥэ ыйаммыт ойууларгын, хартыыналаргын, ыскаапкар баар тыаһыыр, оонньуур тэриллэргин, телевизоргын, көмпүүтэргин суох гын, таһааран кэбис. Олор наһаа аралдьыталлар. Өйгүн-санааҕын эрчийэр сириҥ чуумпу, бүөм, сырдык буолуохтаах.
- Хараххар хатыыр дьоҕургун туһан. Ол курдук, формулаларгын, схемаларгын, таблицаларгын эркиҥҥэр иилэн кэбис. Сыта-олоро, бара-кэлэ сылдьан, мэлдьи көрөн ааһыаҥ, устунан нойосуус билиэҥ.
- Боппуруостаргын сыныйан көр, ханныгы билэргин, тугу ыарырҕатаргын чопчу быһаар уонна бэрээдэгинэн наардаа: “Маны кэлин чугаһыырын саҕана ааҕыам, ону киэһэ аайы хатылыам, манна бачча бириэмэни, онно оччо күнү аныам” диэн.
- Бииргэ үөрэнэр доҕотторгун кытта тиэмэлэргитин үллэстэн бэлэмнэниҥ. Холобур, историяҕа эн Аҕа дойду 1941-45 сс. сэриитин, Коля — улугуруу кэмин, Катя — уларыта тутуу сылларын. Уонна үһүөн мустаҥҥыт, хардарыта бэйэ-бэйэҕитигэр кэпсээн. Оннук өйдөнүмтүө уонна чэпчэки да буолуо.
- Көннөрү ааҕан эрэ кэбиһэр кэбэҕэстик умнуллар. Ол иһин ситимнээх ааҕыы ньыматын туһанарыҥ ордук буолуо этэ: боппуруостары үөрэтии — ыйытыкка хоруй — ааҕыы — аахпыты кэпсээһин — хатылааһын.
- Хас аахпыт матырыйаалгыттан биир туох эрэ кэрэхсэбиллээҕи, дьиктини булан өйгөр хатыы сатаа. Холобур, хайа эмэ суруйааччы тас көстүүтүн уратытын, майгытын дьиибэ-дьээбэ өрүттэрин. Оччоҕо кини туһунан сорудах кэллэҕинэ, онон сиэттэрэҥҥин, ону күлүүс оҥостоҥҥун, бары тын сыыйа-баайа өйдөөн кэлиэҥ.
«Күөрэгэйдэр» уонна «мэкчиргэлэр»
Психологтар дьону, хайа кэмҥэ ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэриттэн көрөн, үс бөлөххө араараллар:
- «Күөрэгэйдэр» (кинилэр сарсыарда өттүгэр дьарыктаналлара, эрчиллэллэрэ көдьүүстээх. Киэһэтин эрдэ баҕайы сылайан хаалаллар).
- «Мэкчиргэлэр» (балар, төттөрүтүн, хараҥарыыта «күннэрэ тахсар». Түүнүн айаллара-туталлара, толкуйдууллара күүһүрэр.)
- «Холууптар» (кинилэргэ хаһан баҕарар табыгастаах).
Оттон эн ханнык «көтөр» буолаҕын? Бу ыйытыыларга хоруйдаан, бэйэҕин быһаар уонна бириэмэҕин онон көрөн аттарар буол.
Бэйэҕин быһаар эрэ
- Сарсыарда эрдэ тураргын ыарырҕатаҕын дуо?
А) Мэлдьи;
Б) Ардыгар;
В) Биирдэ эмэ;
Г) Суох.
- Хас чааска утуйаҕын?
А) Ыкса түүн;
Б) Киэһэ 11 чаас кэнниттэн;
В) Киэһэ 10 ч.;
Г) Уон чаас иннинэ.
- Сарсыарда тураат, тугу аһыыгын?
А) Миин, ыһаары;
Б) Тотоойу соҕус аһылыгы (хааһы, күөрчэх);
В) Төгүрүктүү буспут сымыыт, халбаһылаах килиэп;
Г) Чэй эбэтэр кофе.
- Кыйахаммыт, кыыһырсыбыт түгэннэргин санаа эрэ. Күн хайа аҥаарыгар буолбут эбитий?
А) Бастакы (эбиэккэ диэри);
Б) Иккис (эбиэттэн киэһэ).
- Бу иккиттэн тугу талыаҥ этэй?
А) Сарсыардааҥҥы кофе;
Б) Киэһээҥҥи чэй.
- Ханна эмэ дьиэҕиттэн өр кэмҥэ бардаххына, аһылыгын уларыйарын хайдах ылынаҕын?
А) Оннукка төрүт кыһаллыбаппын;
Б) Түргэнник үөрэнэбин;
В) Эрэйдэнэбин аҕай;
Г) Атын аһы атыҥырыыбын, ол иһин бэйэм туһунан астанабын.
- Сарсын сарсыарда ханна эмэ барар буоллаххына, эрдэ утуйаҕын дуо?
А) Икки чаас эрдэлээн;
Б) Биир чаас эрдэлээн;
В) Чаас аҥаара эрдэлээн;
Г) Син биир урукку кэммэр сытабын.
8. Билигин хас чаас буолбутун көрбөккө эт эрэ. Уонна чаһыны кытта тэҥнээн көр. Хайа, таайбыт эбиккин дуу?
А) Син сөпкө эппиппин;
Б) Олох сыыһа эппиппин.
№ | А | Б | В | Г |
1 | 3 | 2 | 1 | 0 |
2 | 3 | 2 | 1 | 0 |
3 | 3 | 1 | 2 | 0 |
4 | 1 | 0 | ||
5 | 2 | 0 | ||
6 | 0 | 1 | 2 | 3 |
7 | 3 | 2 | 1 | 0 |
8 | 0 | 2 |
0 -7 — «күөрэгэй»;
8-13 — «холууп»;
14-20 — «мэкчиргэ».
Түргэнник өйдүүргэ аналлаах албастар
- Үөрэтэр матырыйаалгын үчүгэйдик сааһылаан баран аах.
- Хаста да хатылаа.
- Көрдөрөр, ыйар көмө матырыйааллары туһан (таблица, схема).
- Тугу эрэ кытта дьүөрэлээн өйдүү сатаа. Холобур, «бу киһи мин аҕам сылдьыбыт куоратыгар төрөөбүт», «ол сыл мин эбэм төрөөбүтэ».
- 11,15-17, 20 чаастарга киһи өйө күүскэ үлэлиир. Ол кэмҥэ ааҕар ордук.
Ольга Львова,
Ыччаты өйүүр социальнай-психологическай киин үлэһитэ.