«Ханна төрөөбүтүҥ да, онно наадалааххын» — диэн нуучча омук олус бэргэн этиилээх. Мин бу этиигэ олус сөпсөһөбүн. Мин санаабар, хайа баҕара киһи төрөөбүт дойдутугар кэлэн, үлэлии хамсыы сылдьара олус хайҕабыллаах, маннык дьону киһи патриот диэн ааттыан сөп.
Патриот диэн кимий? Патриот диэн төрөөбүт сирин-уотун, дойдутун убаастыыр уонна ис сүрэҕиттэн таптыыр киһи. Ол курдук, Хатыы нэһилиэгин баһылыгын Николаев Леонид Александровиһы уонна тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан үлэлиир Дмитриев Евгений Васильевиһы патриот дии саныыбын. Тоҕо диэтэр, кинилэр үрдүк үөрэх кыһатын ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт сирдэригэр Мэҥэдьэктэригэр кэлэн, дэриэбинэлэрэ сайдарын, тупсарын туһугар ситиһиилээхтик үлэлии хамсыы сылдьаллар.
Кинилэр тустарынан билээри, биһиги Хатыы орто оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччилэрэ кылгас интервью ылан киирдибит. Бастакы Леонид Александровичтан ыллыбыт, боппуруос ыйыттыбыт.
Бастакы боппуруоспут, бэйэни билиһиннэрии: кини манна төрөөбүт, улааппыт киһи. Хатыы орто оскуолатын 2007 сыллаах выпуһа.
Иккис боппуруоспут, дьыл кэмэ саас буолан, сааскы субуотунньугу ыйыттыбы. Ол курдук, Леонид Александрович салайыылаах оскуола, детсад, кочегар үлэһиттэрэ дьээдьэлэр буоланнар тыыл үлэ ветераныгар Софронова Мария Дмитриевнаҕа уонна специальнай операцияҕа сылдьар оҕолоох ыалга Яковлевтарга кыһыҥҥы оттук мас саһааннаан, тиэйэн киллэрэн биэрбиттэр. Ону таһынан дэриэбинэ үүт, сүөгэй аһылыктаннын диэн Хатыытааҕы маслоцехха эмиэ мас киллэрэн биэрбиттэр. Маннык курдук Хатыы эр бэртэрэ биир күн, биир сомоҕо буолан олус бэрт үлэ ыыпыттар.
Онтон дьэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин Евгений Васильевичтыын көрсөн кэпсэттибит. Кини Хатыы оскуолатын 2017 сыллаах выпуһа, үөрэҕин бүтэрээт бэйэтин дойдутун туһугар үлэлии-хамсыы кэлбит.
Иккис боппуруоспут Хатыы нэһилиэгэр хас төбө сылгы, ынах баарый?Хас ыал сүөһү, сылгы тутарый? Бу боппуруос, Евгений Васильевич эппиэтэ: «Барыта 310 сүөһү баар, 345 сылгы баар, сүөһүнү 33 ыал тутар, сылгыны 55 ыал тутар».
Онтон боппуруоспут, кыстык хайдах ааста диэн? Манна быйылгы кыстыгы туоруурга уустуктардаах со5ус, тоҕо диэтэр от кэмигэр ардах бөҕө түһэн кээһэн отуулларыгар ыарахаттардаах этэ, оттообут отторо ууга былдьаммыта. Онон от чааһа быйылгы кыстыкка хаачыстыбата мөлтөөбүт.
Ити курдук биир күммүтүн уларытан, Хатыытааҕы администрация үлэһиттэрин кытта эпсэттибит, интервью ыллыбыт. Леонид Александровичтыын, Евгений Васильевичтыын кэпсэтэн баран төрөөбүт дойдуга тапталлара, бэриниилээхтэрэ, нэһилиэк сайдарыгар үлэлии, хамсыы сылдьаллара олус биллэр, көстөр.
Ити кэннэ санаалар, бу курдук эдэр ыччат төрөөбүт дойдубутугар кэлэн, үлэлээтэхпитинэ-хамсаатахпытына дойдубут сайдыа, кэҥиэ этэ. Мин улаатан, үөрэхтээх буоллахпына тапталлаах Хатыыбар кэлэн үлэлиэм, айыам тутуом буоллаҕа.
Попова Анжелика, Хатыы орто оскуолатын “Чуораанчык” медиа-центр иитиллээччитэ.