-Учуутал идэтигэр холонууну хайдах сыаналаатыҥ?
-Биир күн иһигэр учуутал курдук уустук үлэни толору билбэппит биллэр буоллаҕа дии. Ол эрээри, мин кыра эрдэхпиттэн учууталлары убаастыыбын. Улахан кыһалҕалары көрсүбэтим.
— Учуутал диэн, эн санааҕар, кимий?
-Учуутал — үрдүктэн үрдүк албан аат, кини олохпут сирдьитэ буолар. Оскуоланы бүтэрэн көҥүл көччөх буолан көттөхпүтүнэ да, учуутал олохпутугар суолтата, оруола уҕараабат дии саныыбын. Мин оскуолам учууталларын барыларын сөбүлүүбүн. Бу диэн ордорор да предметим суох.
-Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
-Бу ааспыт тэрээһин саамай сүрүн түмүгүнэн оҕолор астыммыттара буолар. «Давид учууталбытын бэртээхэйдик солбуйда!» диэбиттэрин истэн олус үөрбүтүм. Оҕолорго учууталларгытын харыстыыргытыгар, ытыктыыргытыгар баҕарабын. Биирдэ оскуоланы бүтэрэргит бу кэлбит буолуоҕа.
-Махтал, Давид, ситиһиилэри, көрсүөххэ диэри!
Эльдар Садовников