Хамаҕаттаҕа сүөһү ахсаана 596 төбө, сылгы ахсаана 880 төбө. Быйылгы ыстыкпыт этэҥҥэ ааһан эрэр, олуһун диэн үөрдэр — төрүөх үчүгэй ону кытары от кыһыҥҥы кэмҥэ тиийэн өссө да ордуох курдук.
Ол курдук, кыһыммыт ааспытын кэннэ сааскы үлэбит тиийэн кэлэр. Туох баар нэһилиэк олохтоохторо сайыҥҥы кэмҥэ бэлэмнэнэн субуотунньукка тахсан дьиэтин таһын, олбуорун хомунар, хаһаайыстыбатын харанар. Онон мин нэһилиэк сааскы субуотунньука хайдах бэлэмнэнэрин туһунан билээрибин Хамаҕатта нэһилиэгин ыччатын лидерыгар Сунтаров Айаал Юрьевичка тиийэ сырыттым.
— Дорообо Айаал Юрьевич! Эн билэргинэн нэһилиэк сааскы субуотунньукка хайдах бэлэмнэнэрий, төһө киһи кыттарый, нэһилиэк тэрилтэлэрэ туох былааннаахтарый?
Нэһилиэк ыччатын лидера Сунтаров Айаал Юрьевич:
— Нэһилиэк сааскы субуотунньукка бэлэм буоларыгар, олохтоох дьаһалта уонна тэрилтэ, түөлбэ салаайааччылара, сылын ахсын эрдэттэн планеркаҕа көрсөн олорон, уопсай сүбэнэн биир күнү талан тахсаллар. Дьон нэһилиэк ыраас турарыгар, субуотунньукка кыттыыта, сылтан сыл үксүүр.
Төһө да Хамагатта нэһилиэнньэтигэр халаан уута аҕыйахта кэлэрин үрдүнэн, синбиир кыһалҕабыт биирдэстэринэн ааҕыллар. Итигирдик нэһилиэк кырдьаҕастарыттан халаан уута хайдах ааһыай диэн боппуруос тиийэммин ыйыттым.
СС: — Былырыынны курдук ааһыа.
ОС: — Орто ходуһа уута.
ДИ: — Этэҥҥэ, орто ходуһа уута кэлиэ.
ОН: — Харыы үөскээбэтэҕинэ, барыта этэҥҥэ буолуо дии саныыбын.
СМ: — Этэҥҥэ ааһыа дии саныыбын. Билигин эрдэттэн бэлэмнэнии ыытыллар, онон улаханнык нэһилиэктэргэ үрдүк сиргэ тахсыа суоҕа. Намыһах сирдэринэн уу тахсыа, хаар уута элбэҕэ бэрт.
ОД: — Этэҥҥэ ааһара буоллар.
Итигирдик нэһилиэк кырдьаҕастарын санааларынан быйыл халаан уута этэҥҥэ ааһыах курдук.
Матырыйаалы суруйда 11 кылаас үөрэнээччитэ
Александра Давыдова,
Хамагатта орто оскуолата, Нам.